3 Фарисейдар кэлэннэр, Кинини үтэн-анньан көрөн ыйыппыттара: «Киһи ойоҕуттан ханнык баҕарар сылтаҕынан арахсарын Сокуон көҥүллүүр дуо?»
Фарисейдар уонна саддукейдар кэлэннэр Кинини холоон көрөн, халлаантан дьикти бэлиэтэ көрдөр диэн модьуйбуттара.
Биирдэстэрэ, сокуонньут, Кинини тургутан көрөөрү:
Фарисейдар кэлэн Кинини холоон көрөн: «Эр киһи ойоҕуттан арахсара көҥүллэнэр дуо?» – диэн ыйыппыттара.
Бу кэнниттэн тылыттан иҥиннэрээри, Киниэхэ хас да фарисейы кытта иродианнары ыыппыттара.
Иисус, кинилэр кубулуналларын билэр буолан: «Миигин тоҕо холоон көрөҕүт? – диэбитэ. – Миэхэ динарийда аҕалан көрдөрүҥ».
Кинилэр Иисуһу буруйдуур сылтах көрдөөн, үтэн-анньан көрөн итинник эппиттэрэ. Иисус кинилэргэ кыһаллыбакка умса нөрүйэн, тарбаҕынан сиргэ тугу эрэ суруйа олорбута.
Оттон ыал буолбуттартан – мин буолбатах, Айыы Тойон Бэйэтэ модьуйар: дьахтар эриттэн арахсыа суохтаах,
Онно эһиги өбүгэлэргит Мин дьайыыбын түөрт уон сылы быһа көрө сылдьан, Миигин тургутан, үтэн-анньан көрөллөрө.