13 Илиитин ууран туран үҥтүн диэн, Киниэхэ оҕолору аҕалбыттарын үөрэнээччилэрэ бопсубуттара.
Петр Кинини ыҥыран ылан: «Бэйэҕин аһын, Тойонуом! – диэн утарардыы эппитэ. – Эн итинник эрэ буолбатыҥ буоллар!»
Киһи кэргэннэммэт биричиинэтэ араас буолар: сорох төрүөҕүттэн оннук оҥоһуулаах; сорох киһи дьон дьайыытыттан оннук буолар, холобур, аттакылар; ол эрээри, Халлаан Саарыстыбатын туһугар кэргэннэммэт дьон эмиэ бааллар. Маны ылынааччы ылыннын».
Дьон «Аргыыйыҥ!» диэн буойбуттарыгар, өссө күүскэ үөгүлээбиттэрэ: «Тойоммуот! Давид Уола! Биһигини абыраа!»
Таҥара тугу эрэннэрбитэ эһиэхэ, эһиги оҕолоргутугар да, ыраах сылдьар да дьоҥҥо – Айыы Тойон Таҥарабыт ыҥырбыт дьонугар – бука барыгытыгар ананар».
Тоҕо диэтэххитинэ, итэҕэйбэт эр киһи итэҕэйэр ойоҕунан сибэтии буолар, оттон итэҕэйбэт дьахтар итэҕэйэр эринэн сибэтии буолар. Онтон атын эбитэ буоллар, оҕолоргут кирдээх буолуо этилэр, оттон билигин кинилэр эмиэ – Таҥараҕа анаммыт оҕолор.