24 Иэһин аахсан барбытыгар киниэхэ хас да мөлүйүөн үрүҥ көмүс манньыат иэскэ киирбит киһини аҕалбыттар.
сүрэҕим төлөннүү сирэлийбитэ; санаам-оноом уот кутаа буолбута.
Өстөөҕүм иннибин ылбатаҕына, онтон билиэҕим Эн миэхэ үтүө сыһыаннааххын.
Ол эбэтэр Халлаан Саарыстыбатын маннык холобурдуохха сөп. Санаан көрүҥ: арай биирдэ ыраахтааҕы чаҕардарын кытта иэһин аахсыан баҕарбыт.
Иэстээх киһитэ тугунан да төлүүр кыаҕа суоҕун иһин, иэһин саптараары, тойоно кинини ойохтору-оҕолору, туох баар баайдары-дуоллары атыылыырга дьаһайбыт.
Биирдэстэригэр кини биэс талаан харчыны, атыныгар икки талаан, үһүстэригэр биир талаан харчыны – ким төһө кыахтааҕынан көрөн – биэрбит, уонна барыахтаах сиригэр баран хаалбыт.
Биэс талааны ылбыт кулут баран, бу биэһин эргитэн, өссө биэһи эбии киллэрбит;
Биэс талааны ылбыт кулут өссө биэһи эбии аҕалан туран: „Тойонуом! Эн миэхэ биэрбит биэс талааҥҥын эргитэммин, бу өссө биэс талааны киллэрдим“, – диэбит. Тойоно эппит:
Икки талааны ылбыт кулут эмиэ тиийэн кэлэн: „Тойонуом! Эн миэхэ икки талааны биэрбитиҥ; мин, ону эргитэммин, бу өссө икки талааны киллэрдим“, – диэбит.
Биир талааны ылбыт кулут эмиэ тиийэн кэлэн: „Тойонуом! – диэбит. – Эн ыспатах бааһынаҕар быһар, тохпотох хонуугар хомуйар кытаанах киһигин мин билэр этим.
Эбэтэр Силоам башнята баттаан өлөрбүт уон аҕыс киһитэ Иерусалим олохтоохторуттан барыларыттан ордук буруйдаахтара буолуо дии саныыгыт дуо?
Уонна тойонугар иэстээх дьону тус-туспа ыҥыртаан ылан, биирдэриттэн: „Мин тойоммор төһө иэстээххиний?“ – диэн ыйыппыт.
Оттон иккис киһиттэн ыйыппыт: „Эн төһө иэстээххиний?“ Анарааҥҥыта: „Сүүс мээрэй сэлиэһинэй бурдук иэстээхпин“, – диэбит. Онуоха кини эппит: „Араспыыскаҥ бу баар. Аҕыс уон мээрэй диэн суруй“.