Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Матфей 18:20 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

20 Ханна икки, биитэр үс киһи Мин ааппын ааттаан түмсэр да, онно Мин кинилэр ортолоругар баар буолуом».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Матфей 18:20
15 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Онуоха Петр Киниэхэ кэлэн ыйыппыта: «Тойонуом, быраатым миигин утары аньыыны оҥордоҕуна, мин кинини хаста бырастыы гыныахтаахпыный? Сэттэтэ дуо?»


эһиэхэ тугу соруйбуппун барытын толорорго үөрэтиҥ. Оттон Мин, үйэ бараныар диэри, өрүү эһигинниин бииргэ буолуом». Аминь.


Ол күн, нэдиэлэ бастакы күнүн киэһэтигэр, үөрэнээччилэр иудейдартан куттанан, түмсэр дьиэлэрин аанын хатанан олордохторуна, Иисус киирэн ортолоругар туран эппитэ: «Эһиэхэ эйэ буоллун!»


Аҕыс хонон баран үөрэнээччилэр эмиэ дьиэҕэ олорбуттара, Фома кинилэри кытта баара. Аан халҕана хатанан турдаҕына, арай Иисус киирэн ортолоругар туран баран: «Эһиэхэ эйэ буоллун!» – диэбитэ.


«Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – Мин, Авраам төрүөн инниттэн, баарбын».


Аҕа Таҥараны уонна Айыы Тойон Иисус Христоһу итэҕэйээччилэр Фессалоникатааҕы сиэркэптэригэр – Павелтан, Силуантан уонна Тимофейтан. Эһиэхэ Аҕа Таҥарабытыттан уонна Айыы Тойон Иисус Христостан бары илгэлээх үтүөнү кытта эйэ-ил тосхойо туруохтун!


Эфес сиэркэбин Аанньалыгар суруй: «Уҥа илиитигэр сэттэ сулуһу Тутан Турааччы, сэттэ кыһыл көмүс сибэтиилинньик быыһынан Хаамааччы маннык этэр:


Онтон халлаантан сүҥкэн улахан саҥа дуораһыйарын истибитим: «Көр бу, Таҥара олоҕо аны киһи аймаҕы кытта бииргэ буолуоҕа. Кини дьону кытта бииргэ олоруоҕа, кинилэр эмиэ Таҥара норуота буолуохтара. Кини Бэйэтинэн дьону кытта сылдьан, кинилэр Таҥаралара буолуоҕа;


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ