6 Бу саҥаны истээт, үөрэнээччилэр уолуйан сиргэ умса түспүттэрэ.
Маны этэн бүтэ илигинэ, эмискэ сандаархай былыт кэлэн кинилэргэ сыдьаайбыта, былыт быыһыттан саҥа дуораһыйбыта: «Бу баар – Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум; Кинини истиҥ!»
Иисус кэлэн кинилэри таарыйан баран: «Туруҥ, куттанымаҥ!» – диэбитэ.
Мин сиргэ охтон түспүтүм. Онтон: „Савл, Савл, эн тоҕо Миигин сойуолаһаҕын?“ – диир саҥаны истибитим.
Биһиги бары сиргэ охтон түспүппүт. Онтон мин еврей тылынан ыҥырар саҥаны истибитим. „Савл, Савл! Эн тоҕо Миигин сойуолаһаҕын? Үөрбэни утары барарыҥ кытаанах буолуо“, – диэбитэ ол саҥа.
Ол халлаантан иһиллибит саҥаны биһиги Кинини кытта сибэтиэй хайа үрдүгэр туран истибиппит.