Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Матфей 17:20 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

20 «Итэҕэлгит кэмчи, ол иһин, – диэбитэ Иисус. – Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, өскөтүн эһиги хартыыһа да сиэмэтин саҕа итэҕэллээх туран, бу хайаҕа: „Мантан көһөн онно бар“, – диэтэргит, хайа сонно оннуттан көһүө этэ; оччоҕо эһиэхэ кыаллыбат диэн туох да суох буолуо этэ;

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Матфей 17:20
19 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Өссө биир домоҕу кинилэргэ кэпсээбитэ: «Халлаан Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ сөбүй? Манныгы санаан көрүҥ: бу хартыыһа сиэмэтэ баар, киһи бу сиэмэни ылан оҕуруотун сиригэр олордубут.


«Чэ кэл!» – Иисус ыҥырбыта. Петр оҥочоттон тахсан, уу устун хааман Иисус диэки барбыта,


«Оо, итэҕэлэ суох, буорту буолбут көлүөнэ! – диэн хоруйдаабыта Иисус. – Хаһааҥҥа диэри эһигинниин сылдьабын? Хаһааҥҥа диэри эһигини тулуйабын? Кинини манна Миэхэ аҕалыҥ».


Онтон Иисус соҕотоҕун хаалбытыгар үөрэнээччилэрэ кэлэн: «Биһиги тоҕо кыайан үүрбэтэхпитий?» – диэн ыйыппыттара.


Хайаттан түһэн иһэн, Иисус сэрэтэн эппитэ: «Киһи Уола өлөн баран тиллиэн иннинэ, эһиги манна тугу көрбүккүтүн кимиэхэ да кэпсиир буолаайаҕыт».


«Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – эһиги саарбахтаабакка итэҕэйэр буоллаххытына, бу смоковницаны хатарыахтааҕар буолуох, оннооҕор ити хайаны: „Өрө көтөҕүллэн тахсан муораҕа түс“, – диэтэххитинэ, ону толоруо этэ.


«Тоҕо маннык куттаҕаскытый, кэмчи итэҕэллээхтэр?» – диэбитэ Иисус. Кини туран тыалы, долгуну буойарын кытта, сонно чуумпуран хаалбыта.


Иисус итиннэ хоруйдаан кинилэргэ эппитэ: «Эһиги Таҥараны итэҕэйэр буолуҥ.


Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, ким бу хайаны, көтөҕүллэн тахсан муораҕа түс дии туран, эппитим туолуо диэн ис сүрэҕиттэн, кыратык да саарбахтаабакка, итэҕэйэр буоллаҕына, тугу эппитэ туолуо.


Манныгы санаан көрүҥ: бу хартыыһа сиэмэтэ баар. Буорга ыһалларын саҕана, кини сир үрдүгэр баар сиэмэлэртэн барыларыттан саамай кыралара,


Иисус киниэхэ эппитэ: «Итэҕэйэр кыахтаах буоллаххына, итэҕэйээччигэ туох барыта кыаллар».


Таҥара кыайбатаҕа диэн суох».


Айыы Тойон эппитэ: «Эһиги хартыыһа сиэмэтин саҕа итэҕэллээххит эбитэ буоллар, субу үүнэн турар смоковница, сиртэн силистэри хоҥнон байҕалга көс диэтэххитинэ, эппиккитин толоруо этэ.


«Киһи кыайбатаҕын Таҥара кыайар», – диэбитэ Иисус.


«Итэҕэйдэххинэ, Таҥара күүһүн көрүөҥ диэн эйиэхэ эппэтэҕим дуо?» – диэбитэ Иисус.


сороххо эмиэ ол Тыын итэҕэли, оттон атыҥҥа эмиэ ол Тыын ыарыыны үтүөрдэр араас дьоҕуру биэрэр,


Өскөтүн мин Таҥара этиитин дьоҥҥо тиэрдэр дьоҕурдаах пророк, бары кистэлэҥи барытын билэр, бары өттүнэн толору билиилээх итиэннэ бэл хайалары да оннуттан халбарытар күүстээх итэҕэллээх киһи буолан бараммын – сүрэхпэр таптала суох буоллахпына, ол аата мин ким да буолбатахпын.


Онон кинилэр итэҕэйбэккэлэр, онно кыайан киирбэтэхтэрин көрөбүт.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ