Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Матфей 17:18 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

18 Иисус бирикээстиирин кытта, абааһы уолтан тахсан барбыта; уол оҕо сонно үтүөрэн хаалбыта.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Матфей 17:18
15 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Онтон Киниэхэ абааһы буулаабыт хараҕа, тыла суох киһитин аҕалбыттара. Иисус кинини үтүөрдүбүтүгэр киһи көрөр да, саҥарар да буолбута.


«Оо, эн улуу итэҕэллээх дьахтар эбиккин! – диэбитэ маны истэн Иисус. – Чэ, эн баҕарбытыҥ хоту буоллун». Дьахтар кыыһа сонно үтүөрбүтэ.


«Оо, итэҕэлэ суох, буорту буолбут көлүөнэ! – диэн хоруйдаабыта Иисус. – Хаһааҥҥа диэри эһигинниин сылдьабын? Хаһааҥҥа диэри эһигини тулуйабын? Кинини манна Миэхэ аҕалыҥ».


Онтон Иисус соҕотоҕун хаалбытыгар үөрэнээччилэрэ кэлэн: «Биһиги тоҕо кыайан үүрбэтэхпитий?» – диэн ыйыппыттара.


Иисус эргиллэн, көрөн баран эппитэ: «Кыыһым, эрдий! Эйигин итэҕэлиҥ быыһаата». Бу кэмтэн дьахтар үтүөрэн хаалбыта.


Иисус араас ыарыылаах элбэх киһини үтүөрдүбүтэ, үгүс абааһыны дьонтон үүрэн таһаарбыта; абааһылар Кини Христос буоларын билэллэрин иһин, саҥаралларын бобор этэ.


Иисус киниэхэ: «Быртах тыын, бу киһиттэн таҕыс!» – диэбитин иһин, кини итинник эппитэ.


Үгүстэртэн абааһылар хаһыытаабытынан тахсан бараллара уонна: «Эн Христоскун, Таҥара Уолаҕын!» – дииллэрэ. Иисус, Кини Христос буоларын билэллэрин иһин, абааһылар саҥаралларын кытаанахтык боборо.


Иисус быртах тыыны бу киһиттэн тахсарыгар дьаһайбытын иһин, кини итинник эппитэ. Абааһы бу киһини бэрт уһун кэм устатыгар муҥнаабыт этэ: кинини атахтары, илиилэри тимир сыабынан, быанан кэлгийэн маныыллара да, киһи ону быһыта тыытан баран, абааһыга кыйдатан иччитэх сирдэринэн куотара.


Уол чугаһаан истэҕинэ, абааһы кинини сиргэ охторбута; оҕо иҥиир-ситиитин тартаран барбыта; Иисус быртах тыыны бобон уолчааны үтүөрдэн, аҕатыгар туттарбыта.


Хас да күнү быһа кэлиилии кэппитигэр абаран, Павел кэннин хайыһан туран, тыыҥҥа: «Иисус Христос аатынан эйигин киниттэн таҕыс диэн соруйабын!» – диэбитэ. Сонно куһаҕан тыын тахсан барбыта.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ