10 Онуоха үөрэнээччилэрэ: «Сокуонньуттар тоҕо бастаан Илия кэлиэхтээх дииллэрий?» – диэн ыйыппыттара.
Онон билиэххитин баҕарар буоллаххытына, кэлиэхтээх Илия кини буолар.
«Сорох Иоанн Сүрэхтээччи, сорох Илия, сорох Иеремия биитэр пророктартан биирдэстэрэ диир», – диэн үөрэнээччилэрэ хоруйдаабыттара.
«Чахчы, Илия урут кэлэн барытын бэлэмниэхтээҕэ, – диэбитэ Иисус. –
Итиэннэ Киниттэн: «Сокуонньуттар тоҕо Илия инники кэлиэхтээх дииллэрий?» – диэн ыйыппыттара.
«Оччоҕо кимҥиний, – диэбиттэрэ. – Илияҕын дуо?» «Суох», – диэбитэ кини. «Пророккун дуо?» «Суох», – диэн хоруйдаабыта.
«Эн Христос да, Илия да, Пророк да буолбатах буоллаххына, тоҕо сүрэхтиигин?»