Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Матфей 16:28 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

28 Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: бу манна турааччылартан сорохторо Киһи Уола Ыраахтааҕы буолан кэлэрин көрө иликтэринэ, өлүөхтэрэ суоҕа».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Матфей 16:28
25 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Эһигини биир куоракка сойуолаатахтарына, атын куоракка куотаарыҥ. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Израиль куоратын барытын кэрийэн бүтэрэ иликкитинэ, Киһи Уола хайыы-үйэ тиийэн кэлиэҕэ.


Филипп Кесариятын сиригэр-уотугар кэлэн баран Иисус үөрэнээччилэриттэн: «Киһи Уолун дьон ким дииллэрий?» – диэн ыйыппыта.


Иисус Елеон хайатыгар соҕотоҕун олордоҕуна, үөрэнээччилэрэ Киниэхэ бэйэлэрэ эрэ тиийэн кэлбиттэрэ: «Ити хаһан буоларын биһиэхэ этиэҥ дуо? Эн кэлэргин итиэннэ бу дойду бүтэр уһуга кэлбитин биһиги туох бэлиэни көрөн билэбит?»


Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: бу көлүөнэ өссө эстэ илигинэ, Мин эппитим барыта туолуоҕа.


Онон сэргэх сылдьыҥ: Тойоҥҥут кэлэр күнүн эһиги билбэккит.


«Эн итинник этэҕин, – диэбитэ Иисус. – Оттон Мин эһиэхэ этэбин: аны мантан инньэ эһиги Киһи Уола Сүдү Күүстээх Таҥара уҥа өттүгэр олорорун уонна халлаан былыттарыгар уйдаран иһэрин көрүөххүт».


Иисус киниэхэ эппитэ: «Саһыллар хороонноохтор, көтөрдөр уйалаахтар, арай Киһи Уола төбөтүн уура түһэн ылар сирэ суох».


оччоҕо Киһи Уола сүдү күүһүрэн, албан аатыран былыттарга уйдаран иһэрин көрүөхтэрэ.


Бу билиҥҥи аньыылаах, содур көлүөнэ иннигэр Миигиттэн уонна Мин тылларбыттан сааппыт киһиттэн Киһи Уола, Аҕатын килбиэннээх сырдыгынан сыдьаайан сибэтиэй Аанньаллардыын эргиллэн кэллэҕинэ, эмиэ саатыаҕа».


Иисус эппитэ: «Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: бу манна турааччылартан сорохторо, өлөр өлүү амтанын билбэккэ да сылдьан, Таҥара Саарыстыбата улуу күүстээхтик кэлбитин көрүөхтэрэ».


Эһиэхэ этэбин: Таҥара бэрт сотору кинилэри көмүскүөҕэ. Ол эрээри Киһи Уола сиргэ кэлэн, итэҕэли булуо дуо?»


Кини, Айыы Тойон Христоһун көрө илигинэ, өлүө суохтааҕын туһунан Сибэтиэй Тыынтан эрдэттэн билэр этэ.


Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: манна турааччылартан сорохторо, өлөр өлүү амтанын билбэккэ да сылдьан, хайыы-үйэ Таҥара Саарыстыбатын көрүөхтэрэ».


«Кини, Мин кэлиэхпэр диэри, баар буолуон баҕарар буоллахпына, онно эн тугуҥ кыһалҕатай? – диэбитэ Иисус. – Эн Миигин батыс!»


Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Мин этэр тылбын толорор киһи хаһан да өлүө суоҕа».


«Эн искэр абааһы киирбитин билигин дьэ биллибит! – иудейдар өрүкүнэспиттэрэ. – Авраам өлбүтэ, пророктар эмиэ өлбүттэрэ, Эн буоллаҕына „Мин тылбын толорор киһи өлөр өлүү диэни хаһан да билиэ суоҕа“ диигин.


«Галилея дьоно! – диэбиттэрэ кинилэр. – Тоҕо халлааны одуулаан турдугут? Бу Иисус халлааҥҥа ылыллан эһигиттэн хайдах баран эрэрин көрөҕүт да, ол курдук эмиэ эһиэхэ эргиллэн кэлиэҕэ».


Хас биирдии киһи бэйэтин тустаах кэмигэр тиллиэҕэ: аан бастакынан Христос тиллибитэ, онтон Кини кэллэҕинэ, Христос дьоно тиллиэхтэрэ.


ол эрээри хас биирдии киһи туһугар Таҥара илгэлээх үтүөтүнэн олоҕун толук уураары, Аанньаллартан быстах кэмҥэ намтатыллыбыт Иисус, өлөр өлүү сорун-муҥун тулуйбутун иһин, албан аакка, үрдүк чиэскэ тиксибитин көрөбүт.


Онон, бырааттарыам, Айыы Тойон кэлиэр диэри, мөлтөөн-ахсаан биэримэҥ, тулуурдаах буолуҥ. Көрбөккүт дуо бурдук сирин оҥорооччу, сиртэн күүтүүлээх үүнүүтүн ылыар диэри, күһүҥҥү да, сааскы да ардаҕы хайдах курдук тулуурдаахтык күүтэрин!


Айыы Тойоммут Иисус Христос сүдү күүстээх кэлиитин туһунан эһиэхэ иһитиннэрэрбитигэр биһиги була сатаан оҥоһуллубут үһүйээннэргэ олоҕурбатахпыт, Кинини улуукан Бэйэтин уу харахпытынан көрбүт буоламмыт кэпсээбиппит.


Онон, оҕолоор, Кини кэллэҕинэ куттаммат, саакка-суукка киирбэт туһугар, Кинилиин биир буолуҥ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ