Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Матфей 16:24 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

24 Онтон үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Ким Миигин батыһыан баҕарар, ол бэйэтиттэн аккаастаннын, уонна кириэһин ылан, Миигин батыстын.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Матфей 16:24
18 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

ким бэйэтин кириэһин ылан Миигин батыспатах – ол эмиэ Миэхэ сөбө суох.


Куораттан тахсан иһэн, аара Симон диэн Киринеяттан төрүттээх киһини көрсүбүттэрэ. Киниэхэ күһэйэн туран Иисус кириэһин сүктэрбиттэрэ.


Иисус кинини таптыы көрбүтэ. «Биир эйиэхэ тиийбэт, – диэбитэ Кини. – Баран туох баардааххын барытын атыылаан дьадаҥыларга түҥэт, оччоҕо Халлааҥҥа баайдаах буолуоҥ; итиэннэ кэлэн кириэскин ылан Миигин батыс».


Ходуһаттан кэлэн ааһан иһэр Симон диэн ааттаах Киринеяттан төрүттээх киһини, Александр уонна Руф аҕаларын, Иисус кириэһин сүгэригэр күһэйбиттэрэ.


Ол кэннэ үөрэнээччилэрин кытта бииргэ норуоту ыҥыран ылан эппитэ: «Ким Миигин батыһыан баҕарар, ол бэйэтиттэн аккаастаннын уонна кириэһин ылан Миигин батыстын.


ким бэйэтин кириэһин сүгэн Миигин батыспатах, ол Мин үөрэнээччим буолар кыаҕа суох.


Кинини өлөрө илдьэн иһэннэр, Киринеяттан төрүттээх Симон диэн киһини, ходуһаттан истэҕинэ, Иисус кириэһин сүктэрээри, аара тутан ылбыттара.


Кириэһин сүгэн, Кини «Бас уҥуоҕа», еврей тылынан «Голгофа» диэн ааттанар сиргэ тахсыбыта.


Кини маны Петр, хайдах өлөн, Таҥараны албан аатырдыахтааҕын өйдөтөн эппитэ. Инньэ диэн баран, киниэхэ: «Миигин батыс», – диэбитэ.


«Кини, Мин кэлиэхпэр диэри, баар буолуон баҕарар буоллахпына, онно эн тугуҥ кыһалҕатай? – диэбитэ Иисус. – Эн Миигин батыс!»


суолларын былаһын тухары үөрэнээччилэр санааларын бөҕөргөтө, итэҕэллэрин ыһыктыбаттарыгар такайа, «Таҥара Саарыстыбатыгар биһиги элбэх эрэйи көрсөн киириэхтээхпит» диэн үөрэтэ испиттэрэ;


Билигин эһиги тускутугар эрэйи көрөрбүттэн үөрэбин эрэ: мин Христос көрсүбүт эрэйин эппинэн-хааммынан билэммин, Кини Этэ-сиинэ буолар Сиэркэп туһугар тулуйуллуохтаах эрэй-муҥ ситэ илик мээрэйин толорон биэрэбин.


эһигиттэн ким да ити сойуолааһынтан чаҕыйыа суоҕа диэн эрэнэ саныырбыт. Итинник ыарахаттары тулуйуу биһиэхэ төрдүттэн анаммытын билэҕит.


Христос Иисустуун биир буолан Таҥара иннигэр ыраас олоҕу олоруохтарын баҕарар дьону барыларын даҕаны сойуолаһа туруохтара.


Таҥара эһигини тулуурдаах буоларга ыҥырбыта, тоҕо диэтэххэ, Христос эмиэ, Кини суолунан барарбыт туһугар биһиэхэ холобур көрдөрөн, биһиги туспутугар эрэйдэммитэ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ