28 «Оо, эн улуу итэҕэллээх дьахтар эбиккин! – диэбитэ маны истэн Иисус. – Чэ, эн баҕарбытыҥ хоту буоллун». Дьахтар кыыһа сонно үтүөрбүтэ.
Сонно Иисус, илиитин уунан, кинини тутан ылбыта: «Кэмчи итэҕэллээх, тоҕо саарбахтаатыҥ?»
«Соҕордук, Тойонуом, – дьахтар сөбүлэспитэ, – ол эрээри, ыттар даҕаны тойотторун остуолуттан түспүт тобоҕу сииллэр эбээт».
Иисус маны истэн соһуйан, кэнниттэн батыһан иһэр дьоҥҥо эргиллибитэ: «Кырдьыгы этэбин эһиэхэ: Мин бэл Израильга маннык итэҕэли булбатаҕым.
Онтон сотникка эппитэ: «Чэ, дьиэҕэр бар, итэҕэйэргинэн буоллун». Сотник чаҕара сонно үтүөрэн хаалбыта.
Иисус эргиллэн, көрөн баран эппитэ: «Кыыһым, эрдий! Эйигин итэҕэлиҥ быыһаата». Бу кэмтэн дьахтар үтүөрэн хаалбыта.
«Кыыһым, эйигин итэҕэлиҥ быыһаата, – диэбитэ Иисус. – Чэ, эйэни кытта дьиэлээ уонна аны итинник ыалдьыма».
Онтон биирдэ Апостоллар Айыы Тойонтон: «Итэҕэлбитин бөҕөргөт», – диэн көрдөспүттэрэ.
Кини дьахтарга эппитэ: «Итэҕэлиҥ эйигин быыһаата, эйэни кытта бар».
Иисус маны истэн сөҕөн, батыһан иһэр дьоҥҥо эргиллибитэ: «Эһиэхэ этэбин, Мин Израильга даҕаны маннык итэҕэли булбатаҕым».
Бырааттарбыт, эһиги итэҕэлгит үүнэн, хас биирдиигит бэйэ-бэйэҕитигэр таптала күүһүрэн иһэрин иһин, биһиги кырдьыгы көрөр дьон сиэринэн өрүү Таҥараҕа махтана сылдьыахтаахпыт.