31 Сонно Иисус, илиитин уунан, кинини тутан ылбыта: «Кэмчи итэҕэллээх, тоҕо саарбахтаатыҥ?»
Ханна барыамый Эн Тыыҥҥыттан? Ханна куотуомуй Эйигиттэн?
ол эрээри тыал күүһүрбүтүн көрөн куттанан, ууга тимирээри: «Тойонуом, быыһаа!» – диэн хаһыытаабыта.
Тыыга киирбиттэригэр тыал астан хаалбыта.
Иисус ону билэн эппитэ: «Кэмчи итэҕэллээхтэр, тоҕо килиэп ылбатахпыт дэһэҕитий?
«Итэҕэлгит кэмчи, ол иһин, – диэбитэ Иисус. – Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, өскөтүн эһиги хартыыһа да сиэмэтин саҕа итэҕэллээх туран, бу хайаҕа: „Мантан көһөн онно бар“, – диэтэргит, хайа сонно оннуттан көһүө этэ; оччоҕо эһиэхэ кыаллыбат диэн туох да суох буолуо этэ;
өскөтүн бүгүн баар, сарсын оһоххо быраҕыллар хонуу отун Таҥара итинник симиир буоллаҕына, оо, кэмчи итэҕэллээхтэр, эһигини быдан ордук симиэ суоҕа дуо?
«Тоҕо маннык куттаҕаскытый, кэмчи итэҕэллээхтэр?» – диэбитэ Иисус. Кини туран тыалы, долгуну буойарын кытта, сонно чуумпуран хаалбыта.
Иисус чугаһаан кэлэн, кинини илиититтэн ылан туруорбутугар тииһигэ ааһан, туран кинилэргэ ас тэрийбитинэн барбыта.
Иисус ыарыһаҕы аһынан, илиитин уунан таарыйан баран: «Ырааһырыаххын баҕарабын, ырааһыр!» – диэбитэ.
Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, ким бу хайаны, көтөҕүллэн тахсан муораҕа түс дии туран, эппитим туолуо диэн ис сүрэҕиттэн, кыратык да саарбахтаабакка, итэҕэйэр буоллаҕына, тугу эппитэ туолуо.
Баран үөрэнээччилэригэр уонна Петрга этиҥ: „Иисус эһигини Галилеяҕа көһүтэр; эһиги Кинини, Бэйэтэ эппитин курдук, онно көрүөххүт“».
Онуоха Иисус эппитэ: «Эһиги тоҕо маннык куттаҕаскытый? Итэҕэлгит хайдах суоҕуй?»
«Талифа куми!» – диэбитэ. (Ол аата, тылбаастаатахха, «Кыысчаан, эйиэхэ этэбин, тур!»)
анарааҥҥылар: «Айыы Тойон чахчы тиллибит, аны Симоҥҥа көһүннэ», – дии тоһуйбуттара.
эмтиир-үтүөрдэр илиигин утары уун итиэннэ Сибэтиэй Уолуҥ Иисус аатынан бэлиэлэри, дьиктилэри оҥорон көрдөр!»
Онон ханна да буоллун, эр дьон ыраас илиилэрин өрө уунан, ханнык да уордайыыта, мөккүөрэ суох үҥүөхтэрин баҕарабын.