29 «Чэ кэл!» – Иисус ыҥырбыта. Петр оҥочоттон тахсан, уу устун хааман Иисус диэки барбыта,
Петр эппитэ: «Тойонуом! Бу Эн буоллаххына, мин Эйиэхэ уу устун хааман тиийэрбэр соруй».
ол эрээри тыал күүһүрбүтүн көрөн куттанан, ууга тимирээри: «Тойонуом, быыһаа!» – диэн хаһыытаабыта.
«Итэҕэлгит кэмчи, ол иһин, – диэбитэ Иисус. – Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, өскөтүн эһиги хартыыһа да сиэмэтин саҕа итэҕэллээх туран, бу хайаҕа: „Мантан көһөн онно бар“, – диэтэргит, хайа сонно оннуттан көһүө этэ; оччоҕо эһиэхэ кыаллыбат диэн туох да суох буолуо этэ;
«Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – эһиги саарбахтаабакка итэҕэйэр буоллаххытына, бу смоковницаны хатарыахтааҕар буолуох, оннооҕор ити хайаны: „Өрө көтөҕүллэн тахсан муораҕа түс“, – диэтэххитинэ, ону толоруо этэ.
Иисус киниэхэ эппитэ: «Итэҕэйэр кыахтаах буоллаххына, итэҕэйээччигэ туох барыта кыаллар».
Айыы Тойон эппитэ: «Эһиги хартыыһа сиэмэтин саҕа итэҕэллээххит эбитэ буоллар, субу үүнэн турар смоковница, сиртэн силистэри хоҥнон байҕалга көс диэтэххитинэ, эппиккитин толоруо этэ.
Бу көрөр, бэркэ билэр ыарыһах киһигитин Иисус аата, Кини биэрбит итэҕэлэ сибилигин, бары көрөн турдаххытына, үтүөртэ.
Ол кэннэ итэҕэлин энчирэппэккэ, сүүсчэкэ саастаах бэйэтэ: «Этим-сииним эмэхсийбитэ ыраатта, кырдьаҕас Саррабар оҕо үөскүүр кыаҕа суох», – дии санаабатаҕа,
Миигин бөҕөргөтөр Иисус Христос көмөтүнэн мин тугу баҕарар тулуйар кыахтаахпын.