23 Барыларын ыыталаан баран, соҕотоҕун хайа үрдүгэр үҥэ тахсыбыта; киэһэ буолуута онно Кини соҕотох этэ.
Бу кэнниттэн Иисус кинилэри кытта бииргэ Гефсимания диэн сиргэ кэлэн эппитэ: «Мин баран үҥэн кэлиэхпэр диэри, эһиги манна олоро түһүҥ».
Оттон эн, үҥэргэр, хоскор киир уонна ааҥҥын саптан баран, көстүбэт Аҕаҕыттан үҥэн көрдөс, оччоҕо көстүбэти көрөр Аҕаҥ эйиэхэ илэ бааччы төлүөҕэ.
Онтон сарсыарда, халлаан өссө сырдыы илигинэ, туран дьиэттэн тахсан, иччитэх сиргэ баран Таҥараҕа үҥпүтэ.
Дьону ыытан баран, Кини хайа үрдүгэр үҥэ тахсыбыта.
Норуот бүттүүнэ сүрэхтэммитин кэннэ, Иисус эмиэ сүрэхтэнэн баран, Таҥараҕа үҥэ турдаҕына, Халлаан арыллыбыта,
Оттон Кини иччитэх сиргэ баран, Таҥараҕа үҥэрэ.
Биир күн Иисус хайа үрдүгэр Таҥараҕа үҥэ тахсыбыта; Кини түүнү быһа үҥпүтэ.
Биирдэ Иисус иччитэх сиргэ үҥэ сырыттаҕына, үөрэнээччилэрэ тиийэн кэлбиттэрэ. Иисус кинилэртэн: «Дьон Миигин ким дииллэрий?» – диэн ыйыппыта. Үөрэнээччилэрэ эппиттэрэ:
Бу кэнниттэн аҕыс күн ааспыта. Иисус Петры, Иоанны уонна Иаковы илдьэ хайа үрдүгэр үҥэ тахсыбыта.
оттон бэйэбит тиһигин быспакка үҥүөхпүт, Таҥара тылын иһитиннэриэхпит».