18 «Ону манна Миэхэ аҕалыҥ», – диэбитэ Кини.
Үөрэнээччилэрэ: «Манна биһиэхэ баара-суоҕа биэс килиэп уонна икки балык баар», – диэбиттэрэ.
Дьону окко олордорго соруйан баран, биэс килиэби уонна икки балыгы ылан, халлааны көрөн туран алҕаабыта, онтон килиэби тоһутан үөрэнээччилэригэр биэрбитэ; үөрэнээччилэрэ ону дьоҥҥо түҥэппиттэрэ.
Иисус мустубут дьону сиргэ олордон баран, сэттэ килиэби ылан Таҥараҕа махтаммыта, уонна тоһуталаан үөрэнээччилэригэр биэрбитэ; кинилэр ону олорор дьоҥҥо түҥэппиттэрэ.
«Дьону олордуталааҥ», – диэбитэ Иисус. (Хойуу оттоох сир этэ.) Барыта биэс тыһыынча кэриҥэ киһи олорбута.