3 Иисус кинилэри домоҕунан элбэххэ үөрэппитэ: «Арай биир киһи бурдук ыһа тахсыбыт.
Норуотун дьүүллүүрүгэр кэрэһит оҥостоору, Кини үөһэттэн халлааннары уонна сири ыҥырар:
Кулуттарыҥ өлүктэрин халлаан көтөрдөрүгэр хааллардылар; сибэтиэй дьоҥҥун сир дьиикэй кыылларыгар бырахтылар.
Бурдугун ыһа сырыттаҕына, сорох сиэмэтэ суолга түспүт, ону көтөрдөр көтөн кэлэн, тоҥсуйан сиэн кэбиспиттэр;
Бу домохтору кэпсээн баран, Кини атын сиргэ барбыта;
Иисус кинилэргэ өссө маннык домоҕу кэпсээбитэ:
Смоковницаны ылан көрүҥ: лабаалара хайыы-үйэ сымнаан, сэбирдэхтэрэ быган таҕыстахтарына, эһиги сайын чугаһаабытын билэҕит.
Онтон кинилэргэ маннык домоҕу кэпсээбитэ: «Биир киһи, виноградник олордон баран, онтукатын күрүөлээн кэбиспит, иһигэр сүмэһин сүүрдэр оҥкучах хаспыт, харабыл башнятын туппут, итиэннэ барытын виноград үүннэрээччилэргэ туттаран баран, ыраах дойдуга аттаммыт.
Бу домоҕунан кинилэри кэпсээбитин өйдөөн, сонно Иисуһу тутан ылыахтарын баҕарбыттара да, норуоттан чаҕыйан, туппакка баран хаалбыттара.
Онуоха Иисус кинилэри ыҥыран ылан, домоҕунан кэпсэппитэ: «Сатана сатананы киһиттэн хайдах үүрэн таһаарыай?
«Бу домоҕу өйдөөбөккүт дуо? – диэбитэ Иисус. – Дьэ уонна кэлэн атын домохтору хайдах өйдүөххүтүй?
Бу курдук, төһө истэллэрин тухары, кинилэри элбэх домоҕунан үөрэппитэ.
Петр Киниттэн ыйыппыта: «Тойоммуот! Бу домоҕу Эн биһиэхэ эрэ анаан кэпсиигин дуу, барыларыгар дуу?»
Иисус эппитэ: «Эһиэхэ Таҥара Саарыстыбатын кистэлэҥнэрин билэр кыах бэриллибитэ, оттон ити атыттарга барыта домохторунан этиллэр, онон кинилэр көрөр эрээри, көрбөттөр, истэр эрээри, өйдөөбөттөр.
Баччааҥҥа диэри маны барытын эһиэхэ таайтаран, домохторунан кэпсээн кэллим, ол эрээри аны Аҕам туһунан домоҕо суох аһаҕастык этэр кэмим кэлэн иһэр.