20 Оттон таастаах сиргэ ыһыллыбыт сиэмэ – этиллибит тылы истээт да, үөрүүнэн ылынааччыны көрдөрөр;
ким эмэ Саарыстыба туһунан истэн баран өйдөөбөт буоллаҕына, киниэхэ хара дьайдаах кэлэн, кини сүрэҕэр ыһыллыбыт сиэмэни уоран илдьэ барар. Ол – суолга ыһыллыбыт сиэмэ.
ол эрээри кини иһигэр силиһэ суох буолан өр тулуспат: кыһалҕа кыһарыйдаҕына, эбэтэр сойуолааһын саҕаланнаҕына, сонно тута итэҕэлин сүтэрэн кэбиһэр.
Көрдөһөөччү ылар, көрдөөччү булар, оттон тоҥсуйааччыга аан аһыллар.
Иоанн кырдьыксыт, сибэтиэй киһи буоларын Ирод билэр буолан, киниттэн саллара, ол иһин кинини харыстыыра; Иоанн этэрин толорон Ирод элбэҕи оҥороро, кини тылын-өһүн сөбүлээн истэрэ.
Иоанн умайан сыдьаайа сырдата турар сибэтиилинньик этэ, ол гынан баран эһиги кылгас кэмҥэ эрэ кини сырдыга эһигини үөрдүөн баҕарбыккыт.
Симон бэйэтэ эмиэ итэҕэйбитэ, сүрэхтэнэн баран, Филиби батыһа сылдьар буолбута, кини сүдү күүстээх дьайыыларын, дьиктилэрин олус сөҕө көрөрө.