Матфей 13:19 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ19 ким эмэ Саарыстыба туһунан истэн баран өйдөөбөт буоллаҕына, киниэхэ хара дьайдаах кэлэн, кини сүрэҕэр ыһыллыбыт сиэмэни уоран илдьэ барар. Ол – суолга ыһыллыбыт сиэмэ. အခန်းကိုကြည့်ပါ။ |
Онон көрсөр күннэрин болдьоһон, үлэхтээх күннэригэр Павел түһэн олорор дьиэтигэр бэрт элбэх киһи тиийэн кэлбитэ. Кини кэлбит дьоҥҥо сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри Таҥара Саарыстыбатын туһунан кэпсээн, Иисус туһунан этиллибит барыта кырдьыктааҕын Моисей Сокуонугар уонна Пророктарга олоҕуран, өйдөтөн-быһааран биэрбитэ.