48 «Кимий Мин Ийэм, кимнээҕий Мин бырааттарым? – диэбитэ Кини ол киһиэхэ,
Аҕатын дуу, ийэтин дуу Миигин таптыырынааҕар ордук таптыыр киһи Миэхэ сөбө суох; уолун дуу, кыыһын дуу Миигин таптыырынааҕар ордук таптыыр киһи Миэхэ сөбө суох;
«Ийэҥ уонна бырааттарыҥ кэллилэр, Эйигинниин кэпсэтиэхтэрин баҕаран, таһырдьа тураллар», – диэбитэ ким эрэ.
итиэннэ үөрэнээччилэрин диэки ыйан баран эппитэ: – Мин Ийэм уонна Мин бырааттарым бу бааллар;
Иисус эппитэ: «Миигин тоҕо көрдөөтүгүт? Мин Аҕам Дьиэтигэр буолуохтаахпын эһиги билбэт этигит дуо?»
Иисус улаатан ситэн-хотон истэҕин аайы, муударай өйө дириҥээн испитэ; Кинини Таҥара да, дьон да таптыыра.
Ол иһин аны биһиги кими даҕаны киһи сыанабылынан сыаналаабаппыт; урут Христоһу оннук сыаналаабыт да буоллахпытына, билигин аны уурайдахпыт.