40 Иона киит балык иһигэр үс түүннээх күн буолбутун курдук, Киһи Уола эмиэ сир сүрэҕэр үс түүннээх күн буолуоҕа.
Тылларын иһин кинилэри сууһартыаҕа; көрбүт эрэ барыта, дьулайан, баһын быһа илгистиэҕэ.
Киһи Уола субуота да күн тойоно эбээт».
Бу кэмтэн ыла Иисус Иерусалимҥа барыахтааҕын, аҕа баһылыктартан, архиерейдартан уонна сокуонньуттартан элбэх эрэйи көрүөхтээҕин, онтон Кинини өлөрбүттэрин кэннэ үһүс күнүгэр тиллиэхтээҕин туһунан үөрэнээччилэригэр аһаҕастык кэпсиир буолбута.
өлөртөрүөхтэрэ, ол эрээри үһүс күнүгэр Кини тиллиэҕэ». Үөрэнээччилэрэ улаханнык санаарҕаабыттара.
«Ээй, Таҥара Дьиэтин урусхаллаан баран үс күнүнэн тутааччы! Таҥара Уола буоллаххына, Бэйэҕин быыһан, кириэскиттэн түс!» – диэн үөҕэн ааһаллара.
Кини манна суох: Бэйэтэ эппитин курдук тиллибитэ. Кэлэн көрүҥ, Айыы Тойон сыппыт сирэ бу баар.
Иисус киниэхэ эппитэ: «Саһыллар хороонноохтор, көтөрдөр уйалаахтар, арай Киһи Уола төбөтүн уура түһэн ылар сирэ суох».
«Бу Таҥара Дьиэтин үрэйиҥ, Мин ону үс күнүнэн чөлүгэр түһэриэм», – диэн хоруйдаабыта Иисус.