23 Ол иһин дьон сөҕөн: «Ама бу Христос, Давид Уола буолуо дуо?» – дэһиспиттэрэ.
Ол дойдуга олохтоох хананей омук дьахтара Киниэхэ кэлэн: «Тойонуом, Давид Уола, абыраа! – диэн хаһыытаабыта. – Кыыһым абааһыга буулатан, сору көрдө».
Иисус иннигэр-кэннигэр иһэр дьон халыҥ халҕаһалара: «Осанна Давид Уолугар! Айыы Тойон аатыгар Кэлэн Иһээччи алгыстаах! Осанна мэҥэ халлааҥҥа!» – диэн хаһыытаһаллара.
Иисус этэр тылын түмүктээбитигэр норуот Кини үөрэҕин сөхпүтэ-махтайбыта:
Иисус мантан баран эрдэҕинэ, кэнниттэн хараҕа суох икки киһи батыспыттара. Кинилэр: «Иисус, Давид Уола, абыраа биһигини!» – диэн үөгүлэһэ испиттэрэ.
Абааһы үүрүллүбүтүгэр тыла суох киһи саҥарар буолбута. «Израильга урут хаһан да маннык буола илигэ!» – диэн норуот сөхпүтэ-махтайбыта.
Онно киирэн дьоҥҥо: «Олохпор тугу гыммыппын барытын бэйэбэр этэн биэрбит Киһини баран көрүҥ, – диэбитэ. – Кини Христос буолбатаҕа буолуо дуо?»