13 Итиэннэ били киһиэхэ: «Илиигин уун», – диэбитэ. Киһи уунаатын, сонно илиитэ өлүөр илиитин курдук чөлүгэр түһэн хаалбыта.
Хараҕа суохтар харахтаналлар, доҕолоҥнор атахтаналлар, араҥ ыарыылаахтар ырааһыраллар, дьүлэйдэр истэр буолаллар, өлбүттэр тиллэллэр, оттон дьадаҥылар Үөрүүлээх Илдьити истэллэр.
Иисус илиитин уунан кинини таарыйан баран: «Ырааһырыаххын баҕарабын, ырааһыр!» – диэбитэ. Киһи сонно тута үтүөрэн хаалбыта.
Маны этээт, киниэхэ икки илиитин уурбутугар дьахтар сонно көнөн кэлэн, Таҥараны айхаллаан барбыта.
Публий аҕата иһэ ыалдьан этэ умайа сытара; Павел киниэхэ киирэн, Таҥараҕа үҥэн баран илиитин ууран үтүөрдүбүтэ.