25 Итиэннэ Иисус эппитэ: «Аҕаа, сир-халлаан Айыы Тойоно! Маны барытын муударайдартан, өйдөөхтөртөн кистээн баран, кыра оҕолорго арыйбытыҥ иһин, Эйиэхэ айхал этэбин.
Айыы Тойон, биһиги Айыы Тойоммут, хайдах курдук сүдүнүй Эн аатыҥ бүтүн сир үрдүнэн! Эн кэрэмэн килбиэҥҥин халлааннар үрдүлэринэн тэниттиҥ.
Иисус эппитэ: «Эн алгыстаах киһигин, Иона уола Симон! Маны эйиэхэ дьон буолбатах, Халлааҥҥа баар Аҕам арыйбыта.
«Ити тугу дииллэрин Эн истэҕин дуо?» «Истэбин, – диэбитэ Иисус. – „Кыракый оҕолор, эмиийдээх оҕолор уостарынан Эн айхал тылларын этиттиҥ“ диэн суруллубутун эһиги, ама, аахпатаххыт дуо?»
«Аҕаа! Оо, арай Эн бу эрэй-буруй иһитин Миигин тумуннарарыҥ буоллар! Ол эрээри Мин көҥүлбүнэн буолбатын, Эн көҥүлгүнэн буоллун».
Иисус эппитэ: «Аҕаа! Бырастыы гын кинилэри – тугу гыналларын билбэттэр». Түөрэх бырахсаннар, таҥаһын үллэстибиттэрэ.
Аан тааһын халбарыппыттара. Иисус халлаан диэки көрөн туран: «Аҕаа! Миигин истибитиҥ иһин, Эйиэхэ махтанабын, – диэбитэ. –
«Билигин дууһам долгуйда. Тугу этиэмий? „Аҕаа! Бу чаастан Миигин быыһаан ыл!“ диэм дуо? Бу чаас туһугар Мин кэлбитим эбээт.
Аҕаа! Бэйэҥ ааккын албан аатырт». Маны эппитигэр халлаантан: «Албан аатыртым, өссө даҕаны албан аатырдыам!» – диир саҥа иһиллибитэ.
Бу аан дойдуну бүтүннүүтүн, аан дойдуга баары барытын айбыт Таҥара сирдээх халлаан Айыы Тойоно буолан, киһи тутан биэрбит дьиэтигэр олорбот,
Оттон биһиэхэ Таҥара бу кистэлэҥ муудараһы Бэйэтин Тыынынан арыйбыта; Тыын ол курдук тугу барытын, бэл диэтэр, Таҥара түгэҕэ биллибэт дириҥнэрин кытта чинчийэр.
Ол эрээри кинилэр өйдөрө-санаалара им балай хараҥаҕа муммута: Эргэ Кэс Тыл кинигэлэрин ааҕалларыгар эмиэ соннук сабыы, ону Христос эрэ ылан быраҕар кыахтаах буолан, баччааҥҥа диэри өйдөрүттэн уһулла илик.