24 Ол иһин этэбин: Дьүүл Күнүгэр эйиэхэ Содом сиринээҕэр ордук ыарахан буолуо».
Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Дьүүл Күнүгэр ол куоракка Содомнаах Гоморра сиринээҕэр ордук ыарахан буолуоҕа.
Ол иһин эһиэхэ этэбин: Дьүүл Күнүгэр Тирдээх Сидоҥҥа эһигиннээҕэр ордук чэпчэки буолуо.
Сор-муҥ эһигини күүтэр, сокуонньуттар уонна фарисейдар! Сирэй көрбөхтөр! Эһиги огдооболор дьиэлэрин хорон сиигит, дьон көрөрүгэр өр үҥэҕит, ол иһин эһиги соччонон улахан буруйга тардыллыаххыт.
Оттон ким эмэ эһигини киллэрбэтэҕинэ, эбэтэр истиэн баҕарбатаҕына, кинилэри утары туоһу буоллун диэн, тахсан иһэҥҥит, атаххыт быылын кытта тэбээн хаалларыҥ. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Дьүүл күнүгэр ол куоракка Содомнаах Гоморратааҕар ордук ыарахан буолуоҕа».
Эһиэхэ этэбин, Дьүүл Күнүгэр ол куоракка Содом куораттааҕар ордук ыарахан буолуоҕа.