13 Иоанн иннинээҕи Сокуон уонна Пророктар бары Халлаан Саарыстыбатын туһунан өтө көрөн этэллэрэ.
Иоанн Сүрэхтээччи күннэриттэн билиҥҥэ диэри Халлаан Саарыстыбатын күүстэринэн ылаллар, сыраларын биэрээччилэр онно туруулаһан киирэллэр.
Онон билиэххитин баҕарар буоллаххытына, кэлиэхтээх Илия кини буолар.
Иисус, Моисейтан уонна бары пророктартан саҕалаан, Суруйууларга Кини туһунан этиллибити барытын быһаара испитэ.
«Өссө эһигини кытта сылдьан Моисей Сокуонугар, Пророктарга, Саалтыырга Мин туспунан суруллубут туолуохтаах диэн эппитим бу туолла», – диэбитэ Иисус.
Иерусалим олохтоохторо уонна тойотторо Кинини, билбэккэлэр, хас субуота аайы ааҕыллар Пророктар тылларыгар хайдах этиллибитэй да, сол курдук дьүүллээбиттэрэ.
Оттон билигин Таҥара киһини быыһыыр суола Сокуонтан тутулуга суох арылынна. Бу туһунан урут Сокуон да, Пророктар да туоһулууллара.