12 Иоанн Сүрэхтээччи күннэриттэн билиҥҥэ диэри Халлаан Саарыстыбатын күүстэринэн ылаллар, сыраларын биэрээччилэр онно туруулаһан киирэллэр.
Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Иоанн Сүрэхтээччиттэн ордук улуу пророк ийэттэн өссө төрүү илик, ол эрээри Халлаан Саарыстыбатыгар саамай кыралара да киниттэн улахан.
Иоанн иннинээҕи Сокуон уонна Пророктар бары Халлаан Саарыстыбатын туһунан өтө көрөн этэллэрэ.
Онуоха Иисус эппитэ: «Билигин маннык буоллун. Биһиги туохха барытыгар Таҥара көҥүлүн толоруохтаахпыт». Иоанн онуоха дьэ сөбүлэспитэ.
Иисус эппитэ: «Кыараҕас аанынан киирэргэ дьулуһуҥ. Эһиэхэ этэбин: үгүстэр киириэхтэрин баҕарыахтара да, кыайан киириэхтэрэ суоҕа.
Сокуон уонна Пророктар Иоанн инниттэн бааллара, ол саҕаттан Таҥара Саарыстыбатын Евангелиета иһитиннэриллэр, итиэннэ ханнык баҕарар киһи онно сыралаһан туран киирэр.
Арыт Айыы Тойон Аанньала көлүйэҕэ түһэн ууну бүллүгүрэтэрэ, оччоҕо, уу долгуйаатын кытта, ууга урут киирбит ханнык да ыарыылаах киһи үтүөрэн хаалара.
Эһиги курсуйар аска буолбакка, бараммат олоххо тиксэрэр аска кыһаллар буолуҥ. Оннук аһы эһиэхэ Киһи Уола биэриэҕэ: Аҕата Таҥара Кинини Бэйэтин бэчээтинэн бэлиэтээбитэ».
Таптыыр бырааттарым, эһиги өрүү да истигэн этигит. Онон баарбар эрэ буолбакка, бу суох кэммэр өссө ордук Таҥараттан толлон, иэйэн-долгуйан туран, быыһанар суолгутун тутуһан иһиҥ: