40 Ким эһигини ылынар – ол Миигин ылынар, ким Миигин ылынар – ол Миигин Ыыппыты ылынар.
Ким биир маннык оҕону Мин ааппар ылынар, ол Миигин ылынар;
„Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэн хоруйдуоҕа Ыраахтааҕы, – эһиги Мин бу саамай кыра бырааттарбыттан биирдэстэригэр оҥорбут үтүөҕүт – ол Миэхэ оҥорбут үтүөҕүт“.
Оччоҕо Кини этиэҕэ: „Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: эһиги Мин бу саамай кыра бырааттарбыттан биирдэстэригэр оҥорботох үтүөҕүт – ол Миэхэ оҥорботох үтүөҕүт“.
«Ким маннык оҕолортон биирдэстэрин Мин аатым туһугар ылынар – ол Миигин ылынар; оттон ким Миигин ылынар – ол Миигин буолбатах, Миигин Ыыппыты ылынар».
Эһигини истэр киһи – Миигин истэр, эһигини ылыммат киһи – Миигин ылыммат; оттон ким Миигин ылыммат, ол Миигин Ыыппыты ылыммат».
уонна эппитэ: «Ким бу оҕону Мин ааппар ылынар, ол Миигин ылынар; оттон ким Миигин ылынар, ол Миигин Ыыппыты ылынар. Ким барыгытыттан кыра – ол барыгытыттан улахан буолуоҕа».
Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Мин ыыппыт киһибин ылынааччы Миигин ылынар, оттон Миигин ылынааччы Миигин Ыыппыты ылынар».
«Эһиэхэ эйэ буоллун! – диэбитэ Иисус иккиһин. – Аҕам Миигин ыыппытын курдук, Мин эмиэ эһигини ыытабын».
Онон биһиги Христос аатыттан толору боломуочуйалаах илдьиттэр буолабыт, биһиги уоспутунан Таҥара Бэйэтэ бар дьону ылыннарыылаахтык ыҥырар; ол иһин биһиги «Таҥараны кытары эйэлэһиҥ» диэн Христос аатынан көрдөһөбүт.
ыалдьар диэн сэнээбэтэххит, киэр хайыспатаххыт, хата ол оннугар Таҥара Аанньалын биитэр Христос Иисуһу көрсөр кэриэтэ көрсүбүккүт.
Онон ким бас бэриммэт, ол киһиэхэ буолбакка, биһиэхэ Сибэтиэй Тыынын биэрбит Таҥараҕа бас бэриммэт.
Христос үөрэҕин кэһэн туора хаамар, бу үөрэҕи тутуспат киһи Таҥарата суох, оттон Христос үөрэҕин тутуһан олорор киһиэхэ Аҕата да, Уола да баар.