Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Марк 9:25 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

25 Иисус дьон саба сырсан иһэллэрин көрөн, быртах тыыны боппута: «Тыла суох дьүлэй тыын! Эйиэхэ этэбин: киниттэн таҕыс уонна хаһан да киниэхэ кииримэ!»

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Марк 9:25
17 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Онтон Киниэхэ абааһы буулаабыт хараҕа, тыла суох киһитин аҕалбыттара. Иисус кинини үтүөрдүбүтүгэр киһи көрөр да, саҥарар да буолбута.


Иисус бирикээстиирин кытта, абааһы уолтан тахсан барбыта; уол оҕо сонно үтүөрэн хаалбыта.


Иисуһу көрөн дьиктиргээбит дьон Кинини эҕэрдэлии сүүрэн кэлбиттэрэ.


Сонно уол аҕата хараҕыттан уу-хаар баһан туран: «Итэҕэйэбин, Тойонуом! – диэн саҥа аллайбыта. – Итэҕэйэрбэр көмөлөс!»


Быртах тыын үөгүлээн баран, уолу күүскэ титирэстэппитинэн, тахсан барбыта. Уол өлбүт курдук буолан хаалбыта, ону көрөн үгүстэр: «Өллө», – дэспиттэрэ.


Биирдэ Иисус киһиттэн тыла суох абааһыны үүрэн таһаарбыта. Абааһы тахсарын кытта, тыла суох киһи саҥарар буолбута; маны көрөн дьон сөрү диэн сөхпүттэрэ.


Иисус киниэхэ кытаанахтык: «Саҥарыма, киниттэн таҕыс!» – диэбитэ. Абааһы киһини синагога ортотугар охторон түһэрэн баран, киниэхэ туох да куһаҕаны оҥорбокко, тахсан барбыта.


Үгүстэртэн абааһылар хаһыытаабытынан тахсан бараллара уонна: «Эн Христоскун, Таҥара Уолаҕын!» – дииллэрэ. Иисус, Кини Христос буоларын билэллэрин иһин, абааһылар саҥаралларын кытаанахтык боборо.


Иисус быртах тыыны бу киһиттэн тахсарыгар дьаһайбытын иһин, кини итинник эппитэ. Абааһы бу киһини бэрт уһун кэм устатыгар муҥнаабыт этэ: кинини атахтары, илиилэри тимир сыабынан, быанан кэлгийэн маныыллара да, киһи ону быһыта тыытан баран, абааһыга кыйдатан иччитэх сирдэринэн куотара.


Уол чугаһаан истэҕинэ, абааһы кинини сиргэ охторбута; оҕо иҥиир-ситиитин тартаран барбыта; Иисус быртах тыыны бобон уолчааны үтүөрдэн, аҕатыгар туттарбыта.


Хас да күнү быһа кэлиилии кэппитигэр абаран, Павел кэннин хайыһан туран, тыыҥҥа: «Иисус Христос аатынан эйигин киниттэн таҕыс диэн соруйабын!» – диэбитэ. Сонно куһаҕан тыын тахсан барбыта.


Бэл, Михаил Архангел өлбүт Моисей этин-сиинин туһуттан адьарайдыын мөккүһэллэригэр буруйдуур-хомуруйар тылы туттубатаҕа, арай: «Айыы Тойон эйигин бобуохтун!» – эрэ диэбитэ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ