Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Марк 9:23 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

23 Иисус киниэхэ эппитэ: «Итэҕэйэр кыахтаах буоллаххына, итэҕэйээччигэ туох барыта кыаллар».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Марк 9:23
12 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

«Чэ кэл!» – Иисус ыҥырбыта. Петр оҥочоттон тахсан, уу устун хааман Иисус диэки барбыта,


«Итэҕэлгит кэмчи, ол иһин, – диэбитэ Иисус. – Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, өскөтүн эһиги хартыыһа да сиэмэтин саҕа итэҕэллээх туран, бу хайаҕа: „Мантан көһөн онно бар“, – диэтэргит, хайа сонно оннуттан көһүө этэ; оччоҕо эһиэхэ кыаллыбат диэн туох да суох буолуо этэ;


Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, ким бу хайаны, көтөҕүллэн тахсан муораҕа түс дии туран, эппитим туолуо диэн ис сүрэҕиттэн, кыратык да саарбахтаабакка, итэҕэйэр буоллаҕына, тугу эппитэ туолуо.


Оҕобун өлөрөөрү, элбэх төгүл ууга да, уокка да түһэрэ сатаабыта; Эн тугу эмэ кыайан оҥоруох буоллаххына, биһигини аһын, көмөлөс».


Сонно уол аҕата хараҕыттан уу-хаар баһан туран: «Итэҕэйэбин, Тойонуом! – диэн саҥа аллайбыта. – Итэҕэйэрбэр көмөлөс!»


Айыы Тойон эппитэ: «Эһиги хартыыһа сиэмэтин саҕа итэҕэллээххит эбитэ буоллар, субу үүнэн турар смоковница, сиртэн силистэри хоҥнон байҕалга көс диэтэххитинэ, эппиккитин толоруо этэ.


«Итэҕэйдэххинэ, Таҥара күүһүн көрүөҥ диэн эйиэхэ эппэтэҕим дуо?» – диэбитэ Иисус.


кини Павел этэр тылын истэ олорбута. Павел киниэхэ хараҕын хатаан, бу киһи итэҕэлэ кинини үтүөрдэр кыахтааҕын көрөн,


Итэҕэйбэт киһи Таҥараҕа хайдах да сөпсөтөр кыаҕа суох. Таҥараҕа кэлэр киһи Кини баарын, Кинини көрдөөччүлэргэ үтүөнэн төлүүрүн итэҕэйиэхтээх.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ