20 Уолу аҕалбыттара. Быртах тыын буулаабыт уола, Иисуһу көрөөт да, тартаран барбыта, сиргэ охтон түһэн, айаҕыттан күүгэн алла-алла, төкүнүйэ сылдьыбыта.
Быртах тыын киһини чиччигинэппитинэн, улаханнык хаһыытаат, тахсан барбыта.
Оҕобун абааһы ханна хам ылла да, сонно охторон түһэрэр. Оччоҕо оҕом, айаҕыттан күүгэн алла-алла, тииһин хабырынар, чиккэччи тартарар. Үөрэнээччилэргиттэн тыыны үүрэн таһаарыҥ диэн көрдөспүтүм да, кыайбатылар».
«Оо, итэҕэлэ суох көлүөнэ! – диэбитэ Иисус кинилэргэ. – Хаһааҥҥа диэри эһигини кытта сылдьабын? Хаһааҥҥа диэри эһигини тулуйабын? Кинини Миэхэ аҕалыҥ».
«Маннык буолбута төһө өр буолла?» – Иисус уол аҕатыттан ыйыппыта. «Олох кыра эрдэҕиттэн, – диэбитэ аҕата. –
Быртах тыын үөгүлээн баран, уолу күүскэ титирэстэппитинэн, тахсан барбыта. Уол өлбүт курдук буолан хаалбыта, ону көрөн үгүстэр: «Өллө», – дэспиттэрэ.
Иисус киниэхэ кытаанахтык: «Саҥарыма, киниттэн таҕыс!» – диэбитэ. Абааһы киһини синагога ортотугар охторон түһэрэн баран, киниэхэ туох да куһаҕаны оҥорбокко, тахсан барбыта.
Иисус быртах тыыны бу киһиттэн тахсарыгар дьаһайбытын иһин, кини итинник эппитэ. Абааһы бу киһини бэрт уһун кэм устатыгар муҥнаабыт этэ: кинини атахтары, илиилэри тимир сыабынан, быанан кэлгийэн маныыллара да, киһи ону быһыта тыытан баран, абааһыга кыйдатан иччитэх сирдэринэн куотара.
куһаҕан тыын хам ыллаҕына, оҕом эмискэ үөгүлүү түһэр; күүгэн аллыар диэри, оҕобун сордуур, сорун сордоон баран биирдэ, нэһиилэ тэйэр.
Уол чугаһаан истэҕинэ, абааһы кинини сиргэ охторбута; оҕо иҥиир-ситиитин тартаран барбыта; Иисус быртах тыыны бобон уолчааны үтүөрдэн, аҕатыгар туттарбыта.
Адьарай аҕалаах буолаҥҥыт, кини баҕатын толоруоххутун баҕараҕыт, оттон кини хара маҥнайгыттан өлөрүөхсүт этэ. Кырдьык диэн киниэхэ суох, онон кини кырдьыкка тирэҕирбэтэҕэ. Сымыйаны этэригэр, бэйэтин киэнин этэр: кини сымыйаччытын ааһан, өссө сымыйа аҕата буолар.
Өйдөөн-төйдөөн сылдьыҥ, сэрэхтээх буолуҥ: өстөөххүт адьарай кими эмэ булан мэҥиэстээри тула эргийэ, хахайдыы хаһыытыы сылдьар.