19 «Оо, итэҕэлэ суох көлүөнэ! – диэбитэ Иисус кинилэргэ. – Хаһааҥҥа диэри эһигини кытта сылдьабын? Хаһааҥҥа диэри эһигини тулуйабын? Кинини Миэхэ аҕалыҥ».
«Оо, итэҕэлэ суох, буорту буолбут көлүөнэ! – диэн хоруйдаабыта Иисус. – Хаһааҥҥа диэри эһигинниин сылдьабын? Хаһааҥҥа диэри эһигини тулуйабын? Кинини манна Миэхэ аҕалыҥ».
Кэлин Иисус уон биир үөрэнээччигэ барыларыгар аһыы олордохторуна көстөн кэлэн, итэҕэлэ суохтарын, тыйыс сүрэхтээхтэрин, Кини тиллибитин көрбүттэри итэҕэйбэтэхтэрин иһин, хомуруйбута.
Оҕобун абааһы ханна хам ылла да, сонно охторон түһэрэр. Оччоҕо оҕом, айаҕыттан күүгэн алла-алла, тииһин хабырынар, чиккэччи тартарар. Үөрэнээччилэргиттэн тыыны үүрэн таһаарыҥ диэн көрдөспүтүм да, кыайбатылар».
Уолу аҕалбыттара. Быртах тыын буулаабыт уола, Иисуһу көрөөт да, тартаран барбыта, сиргэ охтон түһэн, айаҕыттан күүгэн алла-алла, төкүнүйэ сылдьыбыта.
Иисус эппитэ: «Оо, толкуйа да суох дьоҥҥут! Пророктар эппиттэрин барытын итэҕэйэргит дьэ ыарахан буолар эбит.
«Оо, итэҕэлэ суох, буорту буолбут көлүөнэ! – диэбитэ Иисус. – Хаһааҥҥа диэри эһигини кытта сылдьабын, эһигини тулуйабын? Уолгун манна аҕал».
«Билигин дууһам долгуйда. Тугу этиэмий? „Аҕаа! Бу чаастан Миигин быыһаан ыл!“ диэм дуо? Бу чаас туһугар Мин кэлбитим эбээт.
Онтон Фомаҕа туһаайан эппитэ: «Сөмүйэҕин аҕал, уонна бу икки илиибин көр, илиигин ойоҕоспор ук. Уонна аны итэҕэйбэт буолума, итэҕэйэр буол».