онон аны мин суохпун, арай мин сүрэхпэр Христос баар; оттон бу сирдээҕи олохпун миигин таптаабыт, мин туспар толук буолбут Таҥара Уолугар итэҕэлбинэн олоробун.
Оттон мин Айыы Тойоммут Иисус Христос Кириэһиттэн ураты атын тугунан да хайҕаныахпын баҕарбаппын. Миэхэ бу Кириэскэ аан дойду бүттүүнэ тиириллэн турарын тэҥэ, оттон бу дойду хараҕар мин эмиэ тиириллибит тэҥэбин.