35 Сонно тута киһи кулгааҕа чөллөрүйэ түспүтэ, тыла өһүллэн, ыраас бэйэлээхтик саҥарар буолбута.
Кэлиҥ, бэйэҕит билиҥ Айыы Тойон хайдахтаах үтүөтүн! Ким Киниэхэ эрэнэр, ол дьоллоох.
Хараҕа суохтар харахтаналлар, доҕолоҥнор атахтаналлар, араҥ ыарыылаахтар ырааһыраллар, дьүлэйдэр истэр буолаллар, өлбүттэр тиллэллэр, оттон дьадаҥылар Үөрүүлээх Илдьити истэллэр.
Онуоха киһи, бары көрөн турдахтарына, сонно туран кэлбитэ уонна тэллэҕин ылан тахсан барбыта. Бары бэркиһээн: «Хаһан да манныгы көрө илик этибит!» – диэн Таҥараны айхаллаабыттара.
итиэннэ халлаан диэки көрөн туран, үөһэ тыынан баран: «Еффафа!» («Чөллөрүй!») – диэбитэ.
Иисус, маны кимиэхэ да кэпсээбэттэрин курдук, кытаанахтык сэрэппитэ, ол эрээри төһөнөн боборо да, соччонон өссө ордук сураҕы тарҕатар этилэр.