34 итиэннэ халлаан диэки көрөн туран, үөһэ тыынан баран: «Еффафа!» («Чөллөрүй!») – диэбитэ.
Иисус ыарыһаҕы аһынан, илиитин уунан таарыйан баран: «Ырааһырыаххын баҕарабын, ырааһыр!» – диэбитэ.
Тоҕус саҕана Иисус улаханнык саҥаран: «Элои! Элои! Ламма савахфани?» – диэбитэ. (Ол аата, тылбаастаатахха – «Таҥарам, Таҥарам! Эн Миигин тоҕо хааллардыҥ?»)
«Талифа куми!» – диэбитэ. (Ол аата, тылбаастаатахха, «Кыысчаан, эйиэхэ этэбин, тур!»)
Иисус биэс килиэби кытта икки балыгы ылан баран, халлаан диэки көрөн туран Таҥараҕа махтаммыта уонна килиэби тоһутан үөрэнээччилэригэр, дьоҥҥо түҥэтиҥ диэн, биэртэлээбитэ. Икки балыгы эмиэ барыларыгар үллэрбитэ.
Сонно тута киһи кулгааҕа чөллөрүйэ түспүтэ, тыла өһүллэн, ыраас бэйэлээхтик саҥарар буолбута.
Иисус ыараханнык өрө тыынан баран эппитэ: «Бу көлүөнэ дьикти бэлиэни тоҕо эрэйэрий? Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: бу дьоҥҥо дьикти бэлиэ көрдөрүллүө суоҕа».
«Эн көрөр буолуоҥ! Эйигин итэҕэлиҥ быыһаата», – диэбитэ Иисус.
Иисус Иерусалимҥа чугаһаан баран, куораты көрөн аһынан ытаабыта:
чугаһаан кэлэн хоруобу таарыйбыта, онуоха көтөҕөн иһээччилэр тохтообуттара; Иисус эппитэ: «Эдэр киһи, эйиэхэ этэбин – тур!»
Мария уонна бииргэ кэлсибит иудейдар ытаһалларын көрөн, Иисус ис дууһатыттан курутуйан, хаана хамнаан:
Иисус хараҕыттан уу-хаар баспыта.
Иисус өссө ордук улахан кутурҕаҥҥа ылларан, Лазарь сытар хоруобугар кэлбитэ. Ол тааһынан бүөлэммит ааннаах очуос куоҥхалайа этэ.
Аан тааһын халбарыппыттара. Иисус халлаан диэки көрөн туран: «Аҕаа! Миигин истибитиҥ иһин, Эйиэхэ махтанабын, – диэбитэ. –
Инньэ диэн баран, Иисус күүстээх куолаһынан: «Лазарь, таҕыс!» – диэн ыҥырбыта.
Иисус маны этэн баран, халлаан диэки үөһэ көрөн туран: «Аҕаа! Кэм-кэрдии уолдьаста, – диэбитэ. – Уолуҥ Эн кэрэмэн килбиэҥҥин көрдөрөрүн туһугар, Эн эмиэ Уолуҥ килбиэнин бу дойдуга көрдөр.
«Эней! Иисус Христос эйигин үтүөрдэр, туран тэллэххин хомуй», – диэбитэ Петр. Эней сонно туран кэлбитэ.
Петр барыларын хостон таһааран баран, сөһүргэстээн туран Таҥараҕа үҥпүтэ, онтон бокуонньукка туһаайан: «Тавифа, тур!» – диэбитэ. Дьахтар хараҕа аһыллан, Петры көрөн баран, оронугар олоро түспүтэ.
Кини – биһиги туспутугар кыһаллар-мүһэллэр Архиерей – мөлтүүр-ахсыыр кэммитигэр биһигини аһынар-харыһыйар кыахтаах, Кини эмиэ биһиги курдук бары өттүнэн тургутууну ааспыта, арай атына диэн аньыыны-хараны оҥорботоҕо.