24 Иисус мантан тахсан, Тир уонна Сидон сирдэринэн барбыта. Түһэр дьиэтигэр киирэн баран, манна баарын ким да билиэн баҕарбатаҕа эрээри, кыайан кистэммэтэҕэ.
«Эйигин сор-муҥ күүтэр, Хоразин! Эйигин сор-муҥ күүтэр, Вифсаида! Эһиэхэ көрдөрүллүбүт дьиктилэр Тирдээх Сидоҥҥа көрдөрүллүбүттэрэ буоллар, ол куораттар олохтоохторо илдьиркэй таҥаһы таҥнан, төбөлөрүгэр күлү куттан, былыр үйэҕэ аньыыларын билиммит буолуо этилэр.
Дьиэҕэ киирбитигэр хараҕа суохтар Киниэхэ чугаһаан кэлбиттэрэ. «Эһиги Миигин үтүөрдэр кыахтаах диэн итэҕэйэҕит дуо?» – Иисус кинилэртэн ыйыппыта. «Итэҕэйэн, Тойоммуот!» – дэспиттэрэ иккиэн.
Хас да күн буолан баран Капернаумҥа төннөн кэлээтин кытта, дьиэтигэр баар сураҕа иһиллэ охсубута.
бу куһаҕан барыта киһи иһиттэн тахсан киһини киртитэр».
Биир дьахтар (кини быртах тыыҥҥа буулаппыт кыыс оҕолооҕо), Иисус кэлбитин истэн, тиийэн Кини иннигэр сөһүргэстии түспүтэ.
Онтон Иисус Тирдээх Сидон сириттэн тахсан, Уон Куорат уобалаһынан Галилея муоратыгар барбыта.
Син ол кэриэтэ үтүө дьайыы эмиэ ырылыччы көстөр; оттон көстүбэт да буоллаҕына, син биир биллибэккэ хаалбат.