51 Сонно, оҥочолоругар киирээтин, тыал астан хаалбыта. Онуоха өссө ордук сөхпүттэрэ;
Иисус маны истэн соһуйан, кэнниттэн батыһан иһэр дьоҥҥо эргиллибитэ: «Кырдьыгы этэбин эһиэхэ: Мин бэл Израильга маннык итэҕэли булбатаҕым.
Бары куттанан: «Бу аата тугуй? – дэспиттэрэ. – Бу туох саҥа үөрэҕэй: бэл быртах тыыннары буойталыыр былаастаах, олор Киниэхэ бас бэринэллэр!»
Онуоха киһи, бары көрөн турдахтарына, сонно туран кэлбитэ уонна тэллэҕин ылан тахсан барбыта. Бары бэркиһээн: «Хаһан да манныгы көрө илик этибит!» – диэн Таҥараны айхаллаабыттара.
Кини туран тыалы буойан муораҕа: «Уурай, тохтоо!» – диэтин кытта, сонно тута тыал сэллээн, улуу чуумпу буолбута.
Үөрэнээччилэр, ис-истэриттэн куттанан кэлэн: «Кимий – бу Кини? – дэһиспиттэрэ. – Тыал да, муора да тоҕо Киниэхэ бас бэринэллэрий?»
Кыыс сонно туран, хааман барбыта; кини сааһа уон иккитэ этэ. Маны көрбүт дьон сөрү диэн сөхпүттэрэ.
Онон оҥочоҕо бэйэлэрэ эрэ олорон, ким да билбэтинэн иччитэх сиргэ устубуттара.
«Тугу барытын бэркэ сатыыр, – диэн дьон сөҕөрө. – Дьүлэйдэри истэр гынар, тыла суохтары саҥардар!»
Кинини олордоору гыммыттара да, оҥочолоро ол кэмҥэ тиийиэхтээх кытылыгар тиксэ охсон хаалбыта.