48 Үөрэнээччилэрэ уун-утары үрэр тыаллыын туруулаһан, сэниэлэрэ эстибитин көрөн, Кини халлаан суһуктуйуута муора устун хааман, кинилэргэ тиийэн кэлбитэ, итиэннэ ааһа барыан баҕарбыта.
Күөн туттуҥ Кини сибэтиэй аатынан; үөрүөхтүн Айыы Тойону көрдөөччүлэр сүрэхтэрэ.
Баламат тыллары суккуйаллар; куһаҕаны оҥорооччулар бары улуутумсуйаллар.
Ол кэмҥэ үөрэнээччилэр оҥочолоро муора ортотугар тиийбитэ, күүстээх утары тыал түһэн, долгун оҥочону сабыта охсуолаабыта.
Арай биири билэҕит: уоруйах түүн төһөҕө тиийэн кэлэрин дьиэлээх хаһаайын билэрэ эбитэ буоллар, утуйбакка сэргэх олоруо этэ, дьиэтин аннын уоруйахха дьөлө хастарыа суох этэ.
Онон сэргэх сылдьыҥ: дьиэлээх хаһаайын хаһан төннөрүн – киэһэ дуу, түүн үөһүгэр дуу, бөтүүк хаһыытыырын саҕана дуу, биитэр сарсыарда дуу кэлэрин – эһиги билбэккит.
Киэһэ оҥочо муора үөһүгэр тиийбитэ. Бу кэмҥэ Иисус кытылга соҕотох этэ.
Кинилэр Иисус уу ньуурунан хааман иһэрин көрөннөр, сибиэн иһэр дии санаан, хаһыытаһа түспүттэрэ.
Тойон түүн үөһүгэр да, сарсыарданан да кэлэн көрдүн, кинилэр сэргэхтик кэтэһэн олорор буоллахтарына, алгыстаахтар.
Тиийиэхтээх дэриэбинэлэригэр чугаһаан кэлбиттэрэ; Кини хайдах эрэ ааһа барыах курдук гыммыта.
Кинилэр хаантан, эттэн-сиинтэн, эр киһи баҕатыттан буолбакка, Таҥараттан төрөөбүттэрэ.