Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Марк 6:20 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

20 Иоанн кырдьыксыт, сибэтиэй киһи буоларын Ирод билэр буолан, киниттэн саллара, ол иһин кинини харыстыыра; Иоанн этэрин толорон Ирод элбэҕи оҥороро, кини тылын-өһүн сөбүлээн истэрэ.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Марк 6:20
21 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Ирод кинини өлөрүөн баҕарбыта гынан баран, норуоттан чаҕыйбыта. Норуот Иоанны пророк диэн итэҕэйэрэ.


Оттон дьонтон диэхпитин – аны норуот кутталлаах: кинилэр бары Иоанны пророк дииллэр».


Сокуонньуттар уонна архиерейдар маны истэн, Кинини хайдах эмэ гынан өлөрөр ньыманы көрдөөбүттэрэ; ол эрээри норуот бүттүүнэ Кини үөрэтэр үөрэҕин сөҕөрүн иһин, кинилэр Иисустан куттанар этилэр.


Оттон таастаах сиргэ ыһыллыбыт сиэмэ – эмиэ тылы иһиттэллэр эрэ, тута үөрүүнү кытта ылынар эрээри, дириҥ силиһэ суох буолан өр тулуспат дьону сирэйдээн көрдөрөр: кэлин, кутурҕан кэмэ кэллэҕинэ, эбэтэр тыл туһуттан сойуолааһын саҕаланнаҕына, кинилэр итэҕэллэрин сонно сүтэрэн кэбиһэллэр.


Иоанн умайан сыдьаайа сырдата турар сибэтиилинньик этэ, ол гынан баран эһиги кылгас кэмҥэ эрэ кини сырдыга эһигини үөрдүөн баҕарбыккыт.


Бары сөҕөн-махтайан, дьиибэргээн бэйэ-бэйэлэриттэн: «Бу аата тугуй?» – диэн ыйыталаһаллара.


Маны истэн, архиерейдар уонна Таҥара Дьиэтин харабылын тойоно ол туох буоллаҕай диэн санааҕа түспүттэрэ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ