17 Бу Ирод, ойох ылбыт дьахтарыттан, быраатын Филипп ойоҕуттан Иродиадаттан сылтаан, Иоанны туттаран ылан, хаайыыга бырахтарбыта,
Иоанн хаайыыга сытан, Христос оҥорор дьайыыларын истэн икки үөрэнээччитин Киниэхэ «Кэлиэхтээх Эн буолаҕын дуу, эбэтэр атыны күүтэбит дуу?» диэн ыйыттара ыыппыта.
Иоанны хаайыыга укпуттарын истэн, Иисус Галилеяҕа барбыта.
Итинник кэпсэтэллэрин иһиттэҕинэ, Ирод: «Суох, ити Иоанн – мин моонньоох баһын быстарбыт киһим – тиллибит», – диирэ.
Тиверий императордаабытын уон бэһис сылыгар, Понтий Пилат Иудея баһылыга эрдэҕинэ, Ирод Галилеяҕа, кини быраата Филипп Итуреяҕа уонна Трахония уобалаһыгар, оттон Лисаний Авилинеяҕа баһылык буолан олордохторуна,
Иоанн өссө хаайылла илигэ.)