8 Иисус киниэхэ: «Быртах тыын, бу киһиттэн таҕыс!» – диэбитин иһин, кини итинник эппитэ.
Иисус кинини бобон кытаанахтык: «Саҥарыма, киһиттэн таҕыс!» – диэбитэ.
күөмэйин муҥунан: «Эн миэхэ тугуҥ кыһалҕатай, Иисус, Үрдүк Таҥара Уола? – диэн үөгүлээбитэ. – Таҥара туһугар Эйигиттэн ааттаһабын, миигин муҥнаама!»
«Аатыҥ кимий?» – диэн ыйыппыта Иисус. «Биһиги элбэхпит, ол иһин мин аатым Легион диэн», – диэбитэ киһи.
Хас да күнү быһа кэлиилии кэппитигэр абаран, Павел кэннин хайыһан туран, тыыҥҥа: «Иисус Христос аатынан эйигин киниттэн таҕыс диэн соруйабын!» – диэбитэ. Сонно куһаҕан тыын тахсан барбыта.