42 Кыыс сонно туран, хааман барбыта; кини сааһа уон иккитэ этэ. Маны көрбүт дьон сөрү диэн сөхпүттэрэ.
Бары куттанан: «Бу аата тугуй? – дэспиттэрэ. – Бу туох саҥа үөрэҕэй: бэл быртах тыыннары буойталыыр былаастаах, олор Киниэхэ бас бэринэллэр!»
Үөрэнээччилэр, ис-истэриттэн куттанан кэлэн: «Кимий – бу Кини? – дэһиспиттэрэ. – Тыал да, муора да тоҕо Киниэхэ бас бэринэллэрий?»
«Талифа куми!» – диэбитэ. (Ол аата, тылбаастаатахха, «Кыысчаан, эйиэхэ этэбин, тур!»)
Иисус бу туһунан ким да билиэ суохтаах диэн кинилэри кытаанахтык сэрэтэн баран, кыыһы аһаталларыгар соруйбута.
Сонно, оҥочолоругар киирээтин, тыал астан хаалбыта. Онуоха өссө ордук сөхпүттэрэ;
«Тугу барытын бэркэ сатыыр, – диэн дьон сөҕөрө. – Дьүлэйдэри истэр гынар, тыла суохтары саҥардар!»