39 «Тоҕо айманаҕыт-ытаһаҕыт? – диэбитэ Кини дьиэҕэ киирэн. – Оҕо тыыннаах, утуйа сытар».
Павел аллара түһэн, уолу ыга кууһан баран: «Айманымаҥ, уолгут тыыннаах», – диэбитэ.
Оттон Иисус Христос, биһиги сэргэх да сылдьыбыппыт, утуйбуппут да иһин, өрүү Кинилиин бииргэ олорорбут туһугар, өлбүтэ.
Ол иһин эһиги ортоҕутугар элбэх мөлтөх, ыарыһах дьон баар, ол иһин элбэх киһи өлөр.
«Эһиги барыҥ, кыысчаан өлбөтөх, утуйа сытар», – диэбитэ Кини. Маны истэн, Кинини күлүү гыммыттара.
Синагога тойонун дьиэтигэр кэлбиттэрэ. Иисус аймалҕан буолбутун – ытыыр-соҥуур, энэлийэр дьону көрбүтэ.
Кинини күлүү гыммыттара. Иисус, барыларын таһаартаан баран, оҕо аҕалаах ийэтин уонна Бэйэтин үс үөрэнээччитин илдьэ кини сытар хоһугар киирбитэ итиэннэ кыысчааны илиититтэн ылан баран, киниэхэ туһаайан: