35 Кини маны этэ турдаҕына, синагога тойонугар дьиэтиттэн кэлэннэр: «Кыыһыҥ быһынна. Үөрэтээччини туохха сүпсүгүрдүөххүнүй?» – диэбиттэрэ.
Маны этэ турдаҕына, синагога тойонугар дьиэтиттэн киһи кэлэн: «Кыыһыҥ быһынна, – диэн эппитэ. – Онон Үөрэтээччини түбүгүрдүмэ».
«Тааһы халбарытыҥ», – диэбитэ Кини. Өлбүт киһи эдьиийэ Марфа эппитэ: «Тойонуом, хайыы-үйэ сыттаммыт ээ, хоруопка угуллубута төрдүс күнэ».
Инньэ диэт, баран балтын Марияны кистээн ыҥыран ылан: «Үөрэтээччи кэллэ, эйигин ыҥырар», – диэбитэ.
Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: өлбүттэр Таҥара Уола этэрин истэр итиэннэ истэн баран тиллэр кэмнэрэ кэлэн иһэр, хайыы-үйэ кэллэ даҕаны.
Иисус суол устун баран эрдэҕинэ, биир киһи сүүрэн кэлэн Кини иннигэр сөһүргэстии түспүтэ: «Үтүө Үөрэтээччи! Бараммат олоххо тиксэр туһугар, мин тугу гыныахтаахпыный?»
Арай биир Иаир диэн ааттаах киһи, синагога тойотторуттан биирдэстэрэ, тиийэн кэлэн, Иисус атаҕар умса түһэн:
Иисус баар сиригэр кэлэн, Мария сиргэ умса түһэн, Киниэхэ сүгүрүйбүтэ уонна: «Тойонуом! Эн манна баар эбитиҥ буоллар, быраатым өлүө суоҕа этэ», – диэбитэ.
Иисус киниэхэ эппитэ: «Мин өлүүттэн Тилиннэрээччи уонна Олоҕу Биэрээччи буолабын. Миигин итэҕэйэр киһи, өлөн да баран, тиллиэҕэ.
Марфа Иисуска эппитэ: «Тойонуом! Эн манна эбитиҥ буоллар, быраатым өлүө суоҕа этэ.
Иисус куоракка биир киһиэхэ тиийэн маннык этэллэригэр соруйбута: «Үөрэтээччи „Чааһым чугаһаата, онон үөрэнээччилэрбин кытта эн дьиэҕэр Паасханы бырааһынньыктыам этэ“ диэн илдьиттиир».
Маны этэ турдаҕына, биир аҕа баһылык кэлэн, Иисус иннигэр сөһүргэстээбитэ: «Кыыһым сибилигин аҕай быһынна. Тиийэн киниэхэ илиигин уурдаргын, оҕом тиллиэ этэ!»
Иисус кинилэр сөбүлээбэтэхтэрин билэн эппитэ: «Эһиги кинини тоҕо симитиннэрэҕит? Кини Миэхэ үтүөнү оҥордо эбээт.