11 Онно хайа эниэтигэр сибиинньэ халыҥ үөрэ мэччийэ сылдьара.
Сибэтиинэни ыкка биэримэҥ – ыт бэйэҕитигэр саба түһүөҕэ; чөмчүүгү сибиинньэҕэ ыһымаҥ – сиргэ-буорга тэпсиэҕэ.
Кинилэртэн тэйиччи соҕус элбэх сибиинньэ мэччийэ сылдьара.
Итиэннэ биһигини бу дойдуттан киэр үүрүмэ диэн көрдөһөн-ааттаһан барбыта.
Абааһылар Иисустан: «Сибиинньэлэргэ баран киириэхпитин, биһигини кинилэргэ ыыт», – диэн көрдөспүттэрэ.
Онно хайа үрдүгэр улахан сибиинньэ үөрэ мэччийэ сылдьара. Абааһылар сибиинньэлэргэ киирэрбитин көҥүллээ диэн көрдөспүттэрэ. Иисус көҥүллээбитэ.