40 Онуоха Иисус эппитэ: «Эһиги тоҕо маннык куттаҕаскытый? Итэҕэлгит хайдах суоҕуй?»
Сонно Иисус, илиитин уунан, кинини тутан ылбыта: «Кэмчи итэҕэллээх, тоҕо саарбахтаатыҥ?»
Иисус ону билэн эппитэ: «Кэмчи итэҕэллээхтэр, тоҕо килиэп ылбатахпыт дэһэҕитий?
өскөтүн бүгүн баар, сарсын оһоххо быраҕыллар хонуу отун Таҥара итинник симиир буоллаҕына, оо, кэмчи итэҕэллээхтэр, эһигини быдан ордук симиэ суоҕа дуо?
«Тоҕо маннык куттаҕаскытый, кэмчи итэҕэллээхтэр?» – диэбитэ Иисус. Кини туран тыалы, долгуну буойарын кытта, сонно чуумпуран хаалбыта.
Үөрэнээччилэр, ис-истэриттэн куттанан кэлэн: «Кимий – бу Кини? – дэһиспиттэрэ. – Тыал да, муора да тоҕо Киниэхэ бас бэринэллэрий?»
«Итэҕэлгит ханнаный?» – диэбитэ Кини үөрэнээччилэригэр. Кинилэр дьулайан даҕаны, дьиктиргээн даҕаны, бэйэлэрин икки ардыларыгар: «Кимий – бу Кини, тыалы да, ууну да буойан бас бэриннэрээччи?» – дэспиттэрэ.