39 Кини туран тыалы буойан муораҕа: «Уурай, тохтоо!» – диэтин кытта, сонно тута тыал сэллээн, улуу чуумпу буолбута.
уот уонна муус толон, хаар уонна туман, Кини тылын толорор ала буркун.
«Туох туһалаах буолуой мин өлөрүм, мин иин түгэҕэр түһэрим? Иин куоппаһа Эйигин айхаллыа дуо? Кини Эн кырдьыккын иһитиннэриэ дуо?
Модун кыаҕынан Кини үйэлэр тухары салайар; Кини норуоттары хараҕын далыгар илдьэ сылдьар, онон өрө турааччылар улаханнык санамматыннар. Села
Күммүт-дьылбыт барыта Эн уоргун сэтиилэнэн ааһар, муҥур үйэбит өрө тыыныы кэриэтэ сүтэр.
ыйбыппын аһара диэлийбэтин диэн, байҕал кытылын бэлиэтээн биэрэригэр, сир акылаатын түһэрэригэр –
«Тоҕо маннык куттаҕаскытый, кэмчи итэҕэллээхтэр?» – диэбитэ Иисус. Кини туран тыалы, долгуну буойарын кытта, сонно чуумпуран хаалбыта.
Кини бу кэмҥэ олбоҕу сыттанан, куормаҕа утуйа сыппыта. Үөрэнээччилэрэ уһугуннаран: «Үөрэтээччи! Биһиги өлөн эрэрбитигэр Эн кыһаммаккын дуо?» – диэбиттэрэ.
Иисус дьон саба сырсан иһэллэрин көрөн, быртах тыыны боппута: «Тыла суох дьүлэй тыын! Эйиэхэ этэбин: киниттэн таҕыс уонна хаһан да киниэхэ кииримэ!»
Иисус киниэхэ кытаанахтык: «Саҥарыма, киниттэн таҕыс!» – диэбитэ. Абааһы киһини синагога ортотугар охторон түһэрэн баран, киниэхэ туох да куһаҕаны оҥорбокко, тахсан барбыта.
Иисус киниэхэ тиийэн ыарыыны боппутугар, дьахтар тииһигэ ааһан хаалбыта, сонно туран кинилэргэ ас тардыбытынан барбыта.
Кэлэн, Кинини уһугуннаран: «Үөрэтээччи! Үөрэтээччи! Өлөн эрэбит!» – диэбиттэрэ. Кини туран тыалы, сабыта охсор долгуну буойбута: сонно тута тыал да, долгун да уостан, уоскуйан хаалбыттара. Уу чуумпу буолбута.