31 Манныгы санаан көрүҥ: бу хартыыһа сиэмэтэ баар. Буорга ыһалларын саҕана, кини сир үрдүгэр баар сиэмэлэртэн барыларыттан саамай кыралара,
Итиэннэ өссө эппитэ: «Таҥара Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ, ханнык домоҕунан быһаарыахха сөбүй?
оттон ыспыттарын кэннэ – оҕуруот үүнээйилэриттэн барыларыттан улаханнара буолар, суон, хойуу лабааланар, онон бэл көтөрдөр, көтөн кэлэн, кини күлүгэр уйа туттар кыахтаналлар».
Айыы Тойон эппитэ: «Эһиги хартыыһа сиэмэтин саҕа итэҕэллээххит эбитэ буоллар, субу үүнэн турар смоковница, сиртэн силистэри хоҥнон байҕалга көс диэтэххитинэ, эппиккитин толоруо этэ.
Айыы Тойон үөрэҕэ итинник кимиэллээхтик үүнэн-тэнийэн, кыаҕыран иһэрэ.
Онон Петр тылын улгумнук ылыммыт дьон сүрэхтэнэн, ол күн барыта үс тыһыынча кэриҥэ итэҕэйээччи эбиллибитэ.
Кини кэпсээнин истэн, Таҥараҕа айхал этэн баран: «Бырааппыт, хас тыһыынча иудей итэҕэли ылыммытын бэйэҥ көрөҕүн, – диэбиттэрэ. – Кинилэр бары Сокуону кыһанан туран тутуһаллар.
Таҥара тылын истибиттэр үгүстэрэ итэҕэйбиттэрэ; итэҕэйбит эр дьон биэс тыһыынча кэриҥэ этэ.
Улам-улам үгүс эр дьон, дьахталлар Айыы Тойону ылынан, итэҕэйээччилэр ахсааннара үксээн испитэ.
Онтон сэттис Аанньал турбатын үрбүтүгэр халлааҥҥа: «Аан дойду саарыстыбата аны Айыы Тойоммут уонна Кини Христоһун Саарыстыбата буолла. Айыы Тойон үйэттэн үйэлэр тухары ыраахтааҕылыаҕа!» – диир саҥа сатараабыта.