Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Марк 4:26 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

26 Итиэннэ Иисус эппитэ: «Таҥара Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ сөбүй? Эһиги манныгы санаан көрүҥ: киһи буорга бурдук сиэмэтин ыһар;

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Марк 4:26
24 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Куһаҕаны оҥорооччу албын манньаны ылар, оттон үтүөнү үксэтээччи дьиҥ манньаҕа тиксэр.


Иисус эппитэ: «Эһиэхэ Халлаан Саарыстыбатын кистэлэҥнэрин билэр кыах бэриллибитэ, оттон кинилэргэ бэриллибэтэҕэ.


Өссө биир домоҕу кинилэргэ кэпсээбитэ: «Халлаан Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ сөбүй? Эһиги манныгы санаан көрүҥ: биир киһи бааһынатыгар үчүгэй бурдугу ыспыт.


Иисус кинилэри домоҕунан элбэххэ үөрэппитэ: «Арай биир киһи бурдук ыһа тахсыбыт.


Өссө биир домоҕу кинилэргэ кэпсээбитэ: «Халлаан Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ сөбүй? Манныгы санаан көрүҥ: бу хартыыһа сиэмэтэ баар, киһи бу сиэмэни ылан оҕуруотун сиригэр олордубут.


Өссө биир домоҕу кинилэргэ кэпсээбитэ: «Халлаан Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ сөбүй? Манныгы санаан көрүҥ: дьахтар биир ытыс доруоһаны ылан үс буут бурдукка куппута – тиэстэтэ бүтүннүүтэ үллэн тахсыбыт».


«Аньыыгытын билинэн Таҥараҕа эргиллиҥ! Халлаан Саарыстыбата чугаһаата!» – диэн ыҥырбыта.


Бу кэмтэн ыла Иисус: «Аньыыгытын билинэн Таҥараҕа эргиллиҥ, Халлаан Саарыстыбата чугаһаата!» – диэн үөрэтэрин саҕалаабыта.


Баардаахха өссө бэриллиэҕэ, туга да суохтан баара кытта былдьаныаҕа».


түүнүн киһи утуйар, күнүһүн турар, оттон сиэмэтэ хайдах үүнэн иһэрин билбэт.


Иисус эппитэ: «Таҥара Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ, тугу кытта тэҥниэххэ сөбүй?


Бу домох быһаарыыта маннык: сиэмэ – Таҥара тыла;


«Бурдук ыһааччы бурдугун ыһа тахсыбыт. Ыһа сырыттаҕына, ыспыт сиэмэтин сороҕо суол кытыытыгар түһэн тэпсиллэн хаалбыт, ону халлаан көтөрдөрө тоҥсуйан сиэн кэбиспиттэр;


Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: сэлиэһинэй туораҕа буорга түһэн баран өлбөтөҕүнэ, соҕотоҕун хаалар; оттон өллөҕүнэ, элбэх аһы биэрэр.


Эйэни олохтуур дьон эйэ дэмнээхтик ыспыт сиэмэлэриттэн кырдьык үүнүүтүн өлгөмнүк ылыахтара.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ