20 Оттон өҥ буорга ыһыллыбыт сиэмэ – истибит тылларын ылынар дьон; кинилэр отут, алта уон, сүүс оччонон үрдүк үүнүүнү биэрэллэр».
Үтүө буорга ыһыллыбыт сиэмэ – ол этиллибит тылы истэр уонна өйдүүр буолан, өлгөм үүнүүнү биэрэр дьон: ким сүүс, ким алта уон, ким отут төгүл үрдүгү».
оттон атын сиэмэтэ, өҥ сиргэ түһэн, сороҕо сүүс төгүл, сороҕо алта уон, сороҕо отут төгүл өлгөм үүнүүнү биэрбит.
Оттон сорох сиэмэ, өҥ сиргэ түһэн, ас кутан элбээн тахсыбыт: сороҕо отут, сороҕо алта уон, сороҕо сүүс төгүл үрдүк үүнүүнү биэрбит».
оттон өҥ буорга ыһыллыбыт сиэмэ – ол Таҥара тылын истэр уонна истибит тылларын үтүөкэн, ыраас сүрэхтэригэр иҥэрэ сылдьан, бары ыарахаттары тулуйан туран итэҕэйэр дьон». Маны кэпсээн баран Кини: «Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!» – диэн саҥа аллайбыта.
Миигин эһиги талбатаххыт – Мин Бэйэм эһигини талан ылбытым; баран туһаны аҕаларгыт, ол туһаҕыт үйэлэргэ барарын туһугар, итиэннэ Мин ааппын ааттаан туран Аҕабыттан тугу баҕарар көрдөстөххүтүнэ, Кини ону биэрэрин туһугар, Мин эһигини туруорбутум.
Мин ас биэрбэт хас биирдии лабаабын Кини быһан ылан быраҕар, оттон ас биэрэр хас биирдии лабаабын, өссө элбэх аһы биэрдин диэн, ыраастыыр.
Син ол кэриэтэ, бырааттарым, Христос өлбүтүн быһыытынан эһиги эмиэ өлбүккүт, онон Атыҥҥа – өлбүттэртэн Тиллибиккэ – бас бэринэр туһугар, Сокуонтан босхолонон мантан инньэ Таҥара иннигэр туһалаах олоҕу олоруоххут.
Иисус Христос көмөтүнэн кырдьык өлгөм үүнүүтүн ылан, Таҥараны албан аатырдаргыт, айхаллатаргыт туһугар үҥэбин.
Эһиги Таҥараны үөрдэр курдук, оҥорор үтүөҕүтүгэр барытыгар ситиһиилээх буоларгыт, Кинини билэргит дириҥээн, Айыы Тойон үрдүк аатыгар дьүөрэлээх дьоһуннаах олоҕу олороргут,
Итиэннэ түмүкпүтүгэр, бырааттарбыт, биһигиттэн хайдах олорорго, Таҥара санаатын табарга үөрэммиккит кэннэ, өссө ордук ситиһиилээх буоларгытыгар Христос Иисус аатынан эһигини ыҥырабыт.
Өскөтүн бу барыта эһиэхэ толору баар, эбиллэ-үүнэ турар буоллаҕына, эһиги Айыы Тойоммутун Иисус Христоһу билиигит ситиһиилээх, үтүө түмүктээх буолуоҕа.