6 Фарисейдар тахсан сонно иродианнары кытта куомуннаһан, Кинини хайдах өлөрөр туһунан сүбэлэспиттэрэ.
Фарисейдар мантан бараннар, хайдах гынан Кинини өлөрөр туһунан сүбэлэспиттэрэ. Ол эрээри Иисус итини билэн атын сиргэ барбыта.
Ол кэннэ Киниэхэ бэйэлэрин үөрэнээччилэрин кытта иродианнары ыыппыттара. «Үөрэтээччи! – диэбиттэрэ ол кэлбит дьон. – Эн көнөҕүн биһиги билэбит. Эн кимтэн да куттаммат, кимиэхэ да бэрт буола сатаабат буолаҥҥын, дьиҥ чахчы Таҥара суолугар үөрэтэҕин.
Бу кэнниттэн тылыттан иҥиннэрээри, Киниэхэ хас да фарисейы кытта иродианнары ыыппыттара.
«Көрүҥ, фарисейдар уонна Ирод аһытыыларыттан сэрэнэр буолуҥ», – диэбитэ Иисус.
Архиерейдар уонна сокуонньуттар норуоттан чаҕыйар буолан, Иисуһу хайдах эмэ гынан биллибэтинэн өлөрөр сылтаҕы көрдүү сатаабыттара.
Фарисейдар ииримтийэ кыыһыран, Иисуһу хайдах гынар туһунан сүбэлэспиттэрэ.
Бу күн Иисус өлөрөргө ууруллубута.
Эн Бэйэҥ кулутуҥ, биһиги өбүгэбит Давид уоһунан Сибэтиэй Тыыны этиппитиҥ: „Тоҕо норуоттар айманаллар, тоҕо омуктар кураанахха куомуннаһаллар?